Былыргы дьон өйүгэр-санаатыгар ойууттар, удаҕаттар күрэстэстэхтэринэ, маһы-оту барчалыыр силлиэ, тыал, холорук буолан ааһаллара диэн өйдөбүл баара эбитэ үһү. Ону хойуккааҥҥа диэри Өлүөс Макаарабы Алыһардаах удаҕан эккирэтэн, күрсэн барбыт, суулларбыт маһа диэн кэпсиир буолаллара.
Ол курдук оҕонньор өр суорҕаҥҥа-тэллэххэ сыппыт. Күһүн хотоҥҥо сүөһүнү быалыыр кэмҥэ биир киэһэ хотон иһигэр сүөһү бөҕө үргэн тигинэһэллэр. Ону туох буоллулар диэн киирэн көрбүттэрэ, сүрдээҕин ырбыт, дьүдьэйбит күөх эбириэн оҕус хотоҥҥо киирэн, күр гына сууллан түспүт. Ону сүрдээх суостаах көтөр киирэн тоҥсуйа олорорун көрөн, дьиэҕэ куотан тахсыбыттар дьахталлар. «Оҕонньоор, туох эрэ абааһылара киирдилэр хотоммутугар. Туран алҕаан көрүөххүн», – диэбиттэр. Оҕонньор: «Алыһардаах удаҕан ийэ кыылбын аҕалан, ити суулларда. Өллүм. Алааһым булгунньаҕар көмөөрүҥ», – диэн кэриэһин эппит уонна өлөн хаалбыт. Ол курдук илэ-бодо Өлүөс Макаарап ийэ кыылын Алыһардаах удаҕан ийэ кыыла эккирэтэн кэлэн, бэйэтин дьиэтигэр суулларбыта үһү диэн үһүйээн кэпсээн өргө диэри баара. Бука, билигин даҕаны Алтан кырдьаҕастара ити үһүйээни билэллэрэ буолуо.
Кырдьаҕастар этэллэринэн, Кэнньэ биис ууһугар Бөтүҥ диэн эмээхсин үөскээн, элбэх оҕоломмут. Эмээхсин дииллэрэ оруннаах быһыылаах. Улахан уола Маһарах. Өссө Тиэтэйбит Боотур, Ураанай Бэргэн эҥин диэн эбиттэрэ үһү.
Дөксө Кураандаҕа наахаралар олордохторуна Бөтүҥ уолаттарын сөҕөн, сирэн, Бөрө Бөтүҥнэр дииллэрэ үһү. Наахаралары сэриилэһэн самнарыахтарыттан ыла үөскээн, дэлэйэн, Кэнньэ нэһилиэгэр Ураанай аҕатын ууһа Хотуйаҕа олохсуйбут, ити Ураанай Бэргэн удьуордара; Маһарах оҕолоро Молуода Кэнньэтинэн ааттанара; Күөттээн аҕатын ууһа Күөттээн алааһынан Амма эҥэригэр олороллоро; Соморсун хоту өттүгэр Бадараан Кэнньэтэ биир аҕа ууһа олорбута.
Эмистэр төрдүлэригэр Эмис Хотун баара үһү, киниттэн эмистэр үөскээн үөдүйбүттэрэ үһү диэн Афанасий Васильевич Жирков бартыһаан кэпсиирэ. Онон эмистэр сахалары нууччалар Россияҕа холбуохтарын быдан инниттэн бааллара биллэр.
Былыргы сахалар, киһи улаатан, ситэн-хотон иһиититтэн көрөн, ааты уларытан иһэр үгэстээхтэрин туһунан номох, кэпсээн дэлэй этэ. Уһулуччу биллэр-көстөр, уратылаах дьон хас да сүһүөх ааттаах буолаллара биллэр. Холобурга Бороҕон улууһун өбүгэтэ Бэрт Хара маннык ааттардааҕа: Майаҕатта, Борогутта, Бэрт Хара.