Үһүйээннэр, номохтор - страница 32

Шрифт
Интервал


Үрэҕи туораан баран хайыһан көрбүтэ, үрэххэ кэлээт, Тахтаҕас эмээхсин сүгэтинэн быраҕан кыыратар. Үтүө киһи буолан, киһи, хаптас гынан, аһаран биэрбит. Төбөтүн үрдүнэн ыһыыран ааһан, сүгэ тииккэ угугар дылы батары түһэн хаалбыт.

«Оо, абам да баар эбит! Хайдах гынан ситиэм баарай», – дии-дии кыыһырбыт эмээхсин эккирии хаалбыта үһү.

Ол кэнниттэн итиннэ икки атах үктэммэтэх. Хайдах олорон өлбүтэ биллибэт. Ол элгээни билигин да Тахтаҕас Элгээнэ дииллэр.

СИЛЭЭН

Силээҥҥэ ити эмээхсин олорбутун кэннэ Дагдаҕар Силээн диэн киһи (кимтэн кииннээҕэ, хантан хааннааҕа биллибэт), буруо-тараа таһаарынан, олорбута үһү.

Ити олордоҕуна, хантан да кэлбитэ биллибэккэ, Уһуктаах Түмэппий диэн киһи Силээни булбут. Ол эрээри былыр икки киһи биир сиргэ сатаан олорботторо үһү. Ол да иһин буолуо, үс хонук бэлэмнэнэн баран, кыргыһарга диэн хааннаах хабала, буордаах баппыыска бэрсибиттэр.

Уһуктаах Түмэппий улахан уҥуохтаах, модун быччыҥнардаах, бухатыырдыы майгыннаах киһи үһү. Дагдаҕар Силээн, төһө да дагдайдар, дьулайа көрбүт, онон сарыы аһатын көстүбэт өттүн суллаан ылбыт. Уотугар муҥураат тиит чөҥөчөгүн анньан кэбиспит. Онтуката үс күн буруолуу турбут. Уонна күрээн хаалбыт. Уһуктаах Түмэппий көрдөҕүнэ, уота быстыбакка буруолуу турбут, ураһата, кини көрдөҕүнэ, турар.

Үс хонон баран, кыргыһардыы хонууга тахсан күүтэр да киһитэ кэлбэт. «Куттанан сытаҕын дуо? Дагдайа сытыйбыт Дагдаҕар Силээн, көҕөрө сытыйбыт күөх көппө!» – диэн үөхсэ-үөхсэ кэлэр.

Киһитэ суох. Хата, сарыы ураһа аҥарын туһанан хаалар.

Ол курдук Уһуктаах Түмэппий Силээн олорбут сирин күүс өттүнэн былдьаан ылбыт. Ол да буоллар, сир Силээн диэн ааттаммыт. Онно Уһуктаах Түмэппий киһи төрдө буолбут.

СЭТТЭ СОРТУОЛЛАР

Сортуолга олохсуйбут киһи улуу ойуун үһү. Ол киһи, дойдутугар олорон, быраатын кытта иирсэн баран, былыкка олорон, сири-дойдуну кэрийбит. Ол сылдьан, бүтэй оттоох-мастаах Бүтэйдээх Алаас диэн баар эбит диэн, онно көһөн кэлбит. Ол Сортуол ойуун 7 уол оҕоломмут. Онтон буолуо, Сортуоллары Сэттэ Сортуоллар диэн кырдьаҕастар кэпсэтэллэрин үгүстүк истэр этим.

АҤКЫР ИККИ МОРУОТ ИККИ

Кэлин Силээҥҥэ күүстээх дьоннор үөскээн-төрөөн олорбуттар. Аҥкыр Уйбаан уонна Моруот диэн бырааттыы дьоннор олорбуттар. Ол соторутааҕыта – биһиги хос эһэбит саҕана. Моруот да, Аҥкыр да күүстэринэн сири-дойдуну кэрийбэтэх дьоннор үһү. Кистэнэн сылдьыбыттар.