Үһүйээннэр, номохтор - страница 38

Шрифт
Интервал


«Хайа, дьонноруҥ?»

«Дьоннорум бултана бартара. Сэрии да көрдүүллэр».

«Эн кэргэниҥ, аҕабын өлөрбүт киһи, баар дуо?»

«Баар. Миигин ойох гына сылдьар. Дьэ, тоҕойуом, эн бар. Туох да алдьархайдаах киһи. Оҕунан ыттахтарына, ырааҕар кыбытан ылар. Атын сиргэ бар».

«Суох. Барбаппын. Хайаан даҕаны өлөрүөм».

«Чэ, оччоҕуна мин сүбэлиим», – диир дьахтар.

«Чэ эрэ. Хайдах сүбэлиигин?»

«Олох хараҥаҕа кэлэллэр. Мин эт буһаран уурабын. Онно бу ураһабыт хаба ортотугар аһыыллар. Төгүрүйэ кэчигирэһэ олорон эрэн. Чүмэчилээх буолабыт. Күлүктэрэ бу олорор буолуоҕа. Биир киһи үөһэ олорор буолуо. Мин кэргэним устуулга олорооччу. Ураһаны көхсүн туһунан маһынан дьөлө анньыаҕым. Бэйэҕин бэйэҥ билинээр».

Уол көрбүтэ – кэлэллэр. Сүгэһэр бөҕөнү аҕалан, таһырдьа тамнаан баран, аһаан-сиэн дьаабыланан бараллар. Ийэтэ эппитин курдук, кэчигирэһэн олороллор. Биир киһи үөһэ олорор. Ийэтэ буолуо, ураһаны дьөлө анньар. Онон курдаттыы тыыннарар. Киирэн ныһыйталаан баран, ийэтин илдьэ барар.

Мас үйэтэ бэрт эбит. Ол тииттэр билигин даҕаны тураллар.

Һаараа эмээхсин диэн балтараа сүүһүн туолбут эмээхсин баар этэ. Ол эбэм сэһэргиир этэ диэн сэһэргиирэ. Иккис тиис үүнэн баран өлбүт эмээхсин ол Һаараа. Ол эмээхсинтэн, син улахан киһи буолан баран, истибитим. Отучча саастаахпар.

Федор Павлович Кононов. Үөһээ Бүлүү улууһа, III Күүлэт нэһилиэгэ. 1970 с. Бүлүү Үгүлээтигэр суруйарбар 73 саастааҕа.

ҮГҮЛЭЭТ ТӨРҮТТЭНИИТЭ

Үгүлээттэр тоҥус төрүттээхтэр. Төпүрүүн диэн. Онтон эбиллибиттэр Наахара аҕатын ууһа, Дьаархан аҕатын ууһа. Дьаарханнар – Марха быстахтара. Хааһыналарын онно киирэн төлүүллэр үһү. Тоҥус аҕатын ууһа: Чорду тоҥустар, Оһоҕостоох аҕатын ууһа.

Онон онтон-мантан самсанан, киэҥ, улахан нэһилиэк буолбут. Сэһэҥҥэ итинник этэ. Төпүрүүнтэн төрүттэммит аҕа ууһа эстэн турар. Арай ити Луукун Хаппытыан, Сутукаанап Хабырыыл бааллар уонна барыта туораттан кэлбиттэр. Төрүт Үгүлээттэр итилэр уонна, ааҕыстахха, биир эмит баара дуу?

Быстах Үгүлээт диэн сороҕо Торуой Күүлэт арҕаа, хоту өттүгэр олорбуттар. Кинээстэрэ – манна. Торуойуҥ диэн быычыкаан. Орто Бүлүү Тааһаҕарын быстаҕа. Эмиэ Орто Бүлүүгэ хааһыналарын төлөөн олорбуттар. Булдугар-аһыгар тартаран, олорон хаалаллар уонна аҕа ууһун төрүттүүллэр.

Василий Федотович Яковлев. Бүлүү, Үгүлээт нэһилиэгэ. 1970 с. кэпсэтэрбэр 80 саастааҕа.

НААХАРАЛАР ҮГҮЛЭЭККЭ