Онуоха ойуун куттаабыт: «Биэрдэргин да ылыам, биэрбэтэргин да ылыам», – диэбит.
Оҕонньор биэрбэтэх. Турбут да кэлэ турбут. Ойуун, кэнниттэн батыһан, биир уолун сиэри оҥостубута, уолаттар, туллук буолан, көтөн хаалбыттар. Ол иһин биир ынаҕын сиэн кээспит. Ол гынан баран, үйэлээх сааһыгар кэмсиммит бу ойуун. Ойуун аата Болуоһар диэн. «Нэһилиэги тэнитэ, улууһу олоҕурда баран иһэр киһини, биир ынаҕын сиэммин, улахан моһуогу оҥордум. Орто дойдуга улахан аньыыны оҥордум киһи төрөөммүн», – диэн кэмсиммитэ үһү диэн сурахха сылдьар.
Этиллибитин курдук, ити сиргэ кэлбит. Кэлэн баран, дьиэ туттан олорбут. Онно өтөх омооно баар. Олохсуйар сирин бэйэтэ көрдөөбүт. Көрдөөн, бу Бөтүҥ дэриэбинэтин олоҕор, төгүрүйэ бултуур сирдээх, күөллээх диэн, үчүгэй дойду диэн, манна олохсуйбут.
Биир уола сыылба, бытаан баҕайы үһү. Ол уол Иэһэр диэн ааттааҕа үһү. Ол иһин бу Иэһэрдээх диэн көлүйэ баар. Ол кини аатынан ааттаммыта буолуохтаах. Онно өтөх омооно баар. Ойбоннотор көлүйэ.
Иккис уола Чэҥээркэ диэн. Ити Торуой Чочуга Балаҕаннаах диэн сиргэ олорбут. Кини сиэннэрэ, аймахтара Орулуос диэн, Күүлэй диэн киһи. Дьон сэрэйэринэн, Күүлэй диэн күүлэҕэ төрөөбүтүнэн буолта буолуо.
Биир уола бу Дьаамҥа Дайыла оҕонньор төрдө. Дайыла – мин хос эһэм. Ол уол аатын билбэтим.
Төрдүс уол бу Бөтүҥҥэ хаалбыт. Тоноҕос ууһун төрдө буолуохтаах. Ол кэнниттэн элбэхтэр. Элбэх баҕайы ыччаттаах. Тугуйук диэн, Дордуун, Бөрчөс…
Соҕуруу барбыт Дайыла ууһуттан баһаан элбэх оҕо төрөөбүт. Лэһээтэ ууһа, Тэлэбис ууһа диэн. Буоспаҕа өлбүттэр элбэх киһи, сэттэ дьиэ ыал. Буоспа кэлэ һылдьыбыт.
Элбэх оҕо төрөөбүтүнэн Бөтүҥ оҕонньор кэриэс эппит: «Бу мин киниитим Улахан Боруулаах соҕуруу өттүгэр көмүллэ сытар. Онно бу мин элбэх ааты ааттаппыт киниитим таһыгар көмөөрүҥ», – диэбит.
Иккиһинэн. Дьөгүөр Тумуһаҕар көмүллэ сытар дииллэр. Бу манна Арҕаа Күөлгэ – Чиҥнээни диэн. Ханна көмүллэ сытара биллибэт. Улахан Боруулаах соҕуруу өттүгэр ала бэлиэ уҥуох баар. Кус түөһүн курдук.
Онон бу Бөтүҥ дэриэбинэтэ киһи аатынан ааттанан турар.
Кэпсээнньит тылы быһаарыыта:
> 1Орҕоот – үрдүк, томтор сир.
> 2Оҕуруос – дьоҕус соҕус, ортокуйа күөл. Улахан да буолбатах, кыра да буолбатах.
Былатыан Баһылайабыс Уйбаныап-Чыычаах (1935). Бүлүү, Тааһаҕар нэһилиэгэ. 1999 с. суруйбутум.