Оччолорго биһиги сирдэрбитигэр табалаах эбээннэр биирдии ыалынан сир аайы олохсуйан олорбуттара. Ол курдук бу Хатыска биир оннук оҕото-уруута суох, эмээхсининээн иккиэйэх, киһи аҕыйах таба сүөһүлээх олохсуйан олорбуттара биллэр. Оҕонньор, үлэтин быыһыгар, тыа булдунан дьарыктанар идэлээҕэ.
Ити курдук кини бултаан-алтаан, бу Хатыс Эбэтигэр олордоҕуна, биирдэ, күһүөрү диэххэ, икки оҕолоох, кэргэннээх эдэрдиҥи соҕус эр киһи ыалынан көһөн кэлэр.
Хатыс бу киһини дьиктиргиир. Кини хантан кэлбитин, туох соруктаах кэлбитин ыйыталаһар. Анараа киһи мин бачча сааһым тухары онно-манна сир үтүөтүн көрдөөн, киһи олохсуйуох сирдэрин туохтуубун. Онон эйиэхэ бу эбэҕэр эйиигин кытта бииргэ сылдьыһан, кини булдун-аһын, сирин-уотун сиһилии көрөн барыам этэ. Мин, бу ыччаттардаах киһи, бу эдэр сааспар бүөм үчүгэй сири булан олордоллор диэн сылдьабын.
Хатыс киһитин кытары сөбүлэһэр. Ол эрээри киһи дьиксинэ саныыр. Отто Халыма курдук ыраах сиртэн бу биһиги түҥкэтэх үрэхпит баһыгар урут дэҥ-дуҥ быһыта охсон араас дьон ааһаллар этэ да бу киһи курдук, дьиэнэн кэлэн, түспүт түбэлтэлэрэ суоҕа. Ол да буоллар, кини дойдутуттан көҥөөбөтөҕө. Иккиэн бииргэ сылдьан бултууллара. Ол эрээри Хатыс Хайа оҕото анараа киһитээҕэр күүһүнэн, сырыытынан чорбойоро. Арыт бириэмэҕэ анараа киһи, киһититтэн дьиксинэн, баһын быһа илгистэрэ. Ол курдук кини киһитин араас өттүнэн барытынан боруобалаан көрөрө. Ханныктаах да буур чубукуну, тайаҕы кыһыл атаҕынан эккирэтэрэ. Ону сиппэккэ хаалбат этэ. Халыма уола сорох күннэргэ, күүһэ-уоҕа эстэн, сылайан кэлэрэ. Төһө өр кинилэр ити курдук бииргэ бултаабыттара, сылдьыбыттара биллибэт. Эмээхситтэрэ тордохторугар олорон эрэ дьонноро бултаабыт эттэрин сайыҥҥы хаһааска бэлэмнииллэрэ. Таҥаһын таҥастыыллара, таҥас оҥостоллоро. Ураһалар икки ардылара чугас-чугастыы этилэр. Ол иһин кинилэр хардарытаары кэпсэтиилэрин холку истиһэллэрэ. Биир үтүө сааскы күн кыра оҕолор ийэлэриттэн, Хатыс эмээхсинэ истэригэр, бэрт дьикти тылы быктаран ааспыттара: «Ийээ, аҕабыт биһиэхэ оонньуурун хаһан биэрэрэ буолла». Онуоха ийэлэрэ: «Сыччыыйдар, бэйи тохтооҥ. Аҕаҕыт биэриэх буолтун биэриэҕэ».
Ити кэнниттэн киэһэлик өлгөмнүк бултуйбут дьонноро тиийэн кэлбиттэрэ. Эмээхситтэр оҕонньотторун айах тутан, аһатан киирэн барбыттара.
Хатыс, сылаатын таһааран, бэйэтин нааратыгар кыратык уоскуйан сыта түһээччи. Итинник иллэҥ бириэмэтигэр кэргэнэ бүгүн истибит дьикти кэпсээнин киһитигэр сэһэргиир. Ол киһи туох санаалаах кэлбитин Хатыс, дьэ, сэрэйэр. «Ол иһин даҕаны. Баччалаах ыраах сиртэн бу мин Эбэбэр мэнээк киһи кэлбэтэх буолуохтаах. Онон, дьэ, эмээхсин, аҕыйах күн бэйэ тыынын кэтэннэххэ табыллар».