Үһүйээннэр, номохтор - страница 65

Шрифт
Интервал


Онно күтүөт, сэриилэһэргэ бэлэмнэнэн, туттарбыт ампаара диэн кэпсииллэр. Дьэ, онно күтүөт сэриилэһэрдии бэлэмнэнэн, бу ампаары туттарбыта үһү.

Кырдьык да, тула өттө барыта чуолҕаннаах этэ. Ол уоттанан хаалбыт. Ол чуолҕана букатын сир кырсыгар тиийбит этэ. Дьэ онон, бу сир аата уларыйан, Ампаардаах Алаас диэн аатырбыта үһү.

Алексей Дмитриевич Артемьев-Мойук Өлөксөй (1911). Мэҥэ улууһа, Үөһээ Алтан нэһилиэгэ. Саҥкычах аҕатын ууһа. 1989 с. кэпсэппитим.

КҮРДЬЭХ КӨППҮТ

Былыр аҥаардас биир эмээхсин олорбут. Ити Күрдьэх Көппүккэ. Ол буоллаҕына соҕотох ынахтаах эбит. Саас хойутаан кэлбит. Ынаҕар хаар күрдьэн биэрэр үһү. Хонуу таһааран. Дулҕаҕа.

Күрдьэҕин батары анньан баран, сынньана олорбут. Онно күрдьэҕэр кэлэн кэҕэ эппит. Эмээхсин үөрбүт. Күөххэ үктэнэр киһи буоллум диэн. Ол гынан баран, ол түүн өлөн хаалбыт.

НАМ

Василий Николаевич Попов-Бочоох (1909). Нам улууһа, Хатырык нэһилиэгэ. Дьаакынаан аҕатын ууһа. 1982 с. кэпсэппитим.

СИЭЛЛЭЭХ ОЙУН

Сиэллээхтэр Өтөхтөрө диэн сир баар. Сиэллээх ойун, дьону бэтиэхэлээри итиэннэ ардах иҥин түһэрээри гыннаҕына (тууһут идэлээх эбит), киирэн, төбөтүн ууга уган баран илгиһиннэҕинэ, быыкаайык былыт тахсан баран, ардах түһэр идэлээх эбит.

ХАТЫРЫКТААХ САННЬЫЛҔА

Ити киһи Чурапчыга үөскээбит киһи эбит. Нэһилиэгин билбэппин. Бүөкээни диэн алааска үөскээбит. Бээтин аҕатын аата Күөттээни диэн эбит. Ийэтин аата биллибэт. Ити киһи биир сүрдээх улахан, киэҥ алаастаах эбит. Ол алааһын түөлбэтигэр олорор эбит. Саамай дьиҥнээх киинигэр. Ити кини алааһа биир улахан саар булгунньахтаах эбит. Ол булгунньаҕын хаҥас тэллэҕэр хотуттан ааҥнаан киирбит бөдөҥ томороон тииттээх тумул баар эбит. Ол тумулга кэлбит-барбыт дьон бары тохтоон, тоҕуоруйан, аһаан-сиэн бараллара үһү. Бу Күөттээни диэн оҕонньор сүөһүнэн байбыт баай-дуол киһи эбит.

Улахан уола Хатырыктаах Санньылҕа бэт эдэр сааһыттан ойун киһи буолбут. Ол киһи, ол ойуннаан, барытын чугастааҕыны билэн, эмтээн-томтоон, дьэ, Хатырыктаах Санньылҕа дуо диэн аатыран барбыт.

Иккис уола Лыгый Бөҕө диэн. Кини сүөһү-ас иитэр, хаһаайыстыба тэринэр, дьиэни-уоту көрөр киһи эбит.

Үһүс уола Адаҕымда Бэт наар бөдөҥ булду бултаан, тайаҕы, эһэни өлөрөн, дьэ, онон аһаан-сиэн, иитиллэн олороллор эбит.

Төрдүс уола Быһый Чөөкүмдэ араас күндү түүлээҕи, көтөрү-сүүрэри бултаан, онон дьонугар көмөлөөх. Куһу-куобаҕы, саһылы, солоҥдону, кырынааһы бултаан, аһаан-сиэн олорбут дьон эбит.