Үһүйээннэр, номохтор - страница 73

Шрифт
Интервал


КЫНДЫРААТ ОЙУУН

Атыыһыт Баһылай диэн баай киһи олорбута. Бүөр Алаас Сайылыга диэн сайылыкка. Бииргэ төрөөбүт быраата Киргиэлэй диэн, икки хараҕынан сабыллан, ыалдьан хаалбыта. Ити, дьэ, ол Кындыраат ойууну Атыыһыт Баһылай ыҥырар: «Быраатым хараҕынан сабылынна. Ойууннаа», – диэн.

Онно ол, аан маҥнай кэлэн баран, ойуун ыйытар ыарыһахтан: «Хаһан хараҕыҥ ыарыйда?» – диэн.

Ону: «Саас ыарыйда», – диэбитэ.

Онтон ойуун, сыҥааҕырдан баран: «Эн ойуун ытык ыспыт биэтин уоран сиэбиккин», – диэбитэ. Онтон: «Оннук дьүһүннээх сылгыта бул. Онно мин ытык ыһабын. Онно эрэ үтүөрүөҥ», – диэбитэ.

Онон, дьэ, Киргиэлэй ол убайыттан көрдөһөр: «Дьэ, бу ойуун көрдүүр дьүһүннээх сылгыта булан, ытыкта ыстар», – диэн.

Онно ол Баһылай, булан аҕалан, туттаран бэлэмниир. Чакыр харахтаах, сиикэй муруннаах> 1 кугас элэмэс диэҕи эмиэ да саадьаҕай курдук дьүһүннээх биэни туппуттара.

Аны ойуун буоллаҕына: «Ойуун эмэгэтигэр туттуллар тыһаҕаста өлөрүҥ», – диир.

Ону, ол тутан аҕалбыттарын, сүүскэ оҕустарбатаҕа ойуун. Бэйэтэ, кэннинэн эргийэн кэлэн, сүнньүгэр силлээбитэ. Онно тыһаҕас төкүнүс гына түспүтэ, охтон. Ону, тиэрэ тартаран баран, иһин хайыттаран, сүллүүлээх сүрэҕин> 2, тыҥалары оротон ылларбыта. Уонна ол ойуун эмэгэт оҥотторбута. Арааһынай суор, куоҕас, хаххан дуу, үөдэн дуу уонна киһи. Бэйи, уонна тугу-тугу оҥоттордо этэй? Тоҕус устуука буолуохтаах. Дьэ, ол сүллүүлээх сүрэҕи, кутаа отуннарбыта уонна онно илдьэннэр саллыбыттара. Сүрэҕи, тыҥаны. Ону, дьэ, бысталаан, оҥотторбут эмэгэттэригэр уурдарбыта. Биирдиини. Итиэннэ иһин олоччу уокка уматтарбыта. Дьэ уонна, дьиэҕэ киирэн, ойууннуур олоҕор олоруута диэн уот иннигэр олоппоско олорон, алҕаабыта элбэх соҕустук уонна, дьэ, ойууннаан, кутуран, ойон туран, уҥа түннүк анныгар сыҥаһаҕа хаҥас атаҕын ууран туран: «Биэни сүөрэн аҕалыҥ», – диэбитэ.

Ону, биэс киһи таххан, биэни сүөрэн чиччигинэтэн аҕалбыттара түннүк анныгар. Уонна көнтөһүн түннүгүнэн иһирдьэ бырахпыттара. Төбөтүн. Ону ылан, хаҥас атаҕар, сыҥаһа үрдүгэр турар атаҕар, ылан баайан кэбиспитэ. Уонна хос быатын ылан баран:

«Ыытан кэбиһиҥ», – диэбитэ.

Уонна, дүҥүрүн охсо-охсо, былаайаҕынан хоруутаабыта, «куруу-куруу-куруу» дии-дии. Онно биэ түннүккэ, муннун аҕалан балтатан, турбута. Ону сэттэ хайаҕастаах, сэттэ кыл бааллыбыт хамыйаҕынан ороҥҥо турар арыылаах ымдаантан баһан ылан сирэйгэ ыспыта. Биэ сирэйигэр. Онно хараҕын чыпчык гынар, кулгааҕын ньылах кыннарар уонна дьукку мөхсүбэт. Дьэ уонна алҕаан, кыыран барбыта, дүҥүрүн охсон. Уонна: «Дьэ, сөп. Сөбүлэстилэр, туттулар. Таххан баайан кэбиһиҥ», – диэбитэ.