киирэн бараллар. Уонна: «Соболоҥҥутун тугу ылаҕыт?» – диэн ыйыталлар.
Онуоха: «Биһиги билигин оччо күҥэйбэппит> 3. Тугу саныыргытын хойут саныаххыт. Аны үс сылынан эргийэн кэлиэхпит – биир оҕоҕут биирдээх, биир оҕоҕут иккилээх эрдэҕинэ. Онно тугу биэрэргитин бэйэҕит билиэххит. Оттон билигин ханныгы эмэни кыраны биэрдэххитинэ сөп», – диэбит.
Үс сыл буолан баран эргийэн кээлтэр. Эппит икки уоллара баар буолбут. Оҕонньордоох эмээхсин аттарын ырдыытынан тииҥ, саһыл, эһэ тириилэрин биэрэн ыыппыттар.
Хойукка дылы оҕо-дьахтар өс хоһооно гыналлара, Сүлэ ыһыах уурдаҕына: «Бүгүн эмиэ самыыр буолара буолуо», – диэн. Сүлэни былыттан айдарбыт киһи диэн номоҕо кэлэ турар эбит.
Кэпсээнньит тылы быһаарыыта:
> 1Кымньыы тиэлиитэ – ат кырыаччытын төбөтүгэр аты кымньыылыыр быа баайаллар. Сороҕун өрөн, сороҕун хатан. Дьэ, ону тиэлии диэн ааттыыр сахаҥ.
> 2Аайдаан – хайҕанан, маала үрдүктүк туттунан. Быытта, аныгылыынан боруоста эттэххэ, киһиргэнэ саныыллар, тылбыт тилиннэ диэн.
> 3Күҥэйбэппит – олус ымсыырбаппыт.
Икки уоллаах эбит. Быырта, Дьэгин Бөҕө. Дьэгинтэн билигин бэрт аҕыйах киһи баар.
Оноку бэрт күүстээх киһи, тарсыына. Сөтөллөрө, ытырдара көстөн иһиллэр. Үөгүлүүрэ үс көстөөх сиртэн иһиллэр. Санатория хоту өттүгэр Күөх Хайа баар. Тордохтоох Хайа диэн. Дьокуускайга түүлээх киллэрэн баран (өлбүгэтин төлөөн баран), Дьаарын бэйэтэ киллэрэн биэрбэт, туой тарсыынатын ыытар эбит. Төннөн иһэн, Тордохтоох Хайаттан үөгүлүүр: «Тыыта таһааран кулуҥ», – диэн.
Омолдооттор туораппаттар эбит. Сэптэрэ суох буолуо буоллаҕа, баҕар, өстөөх да буолуохтара. Ол үөгүүнү Сүлэттэн, Хотоҕос диэн сиртэн, истэннэр, баран тыы таһааран биэрэллэр эбит.
Бордоҥнортон, түүлээҕи кыайан толорботохторун туһугар, тарсыыналарын, Онокуну, сото охсоллор. Буруйдааннар, сото кэбиһиннэрэн олордон бараннар, сототун кырыытыгар сото охсор сүллүгэһинэн казактар биэртэлииллэр эбит. Ол охсулла олорон: «Улаханнык охсуҥ! Этэ ыалдьар гына. Итиннэ кыһанан, дайыымкатын толоруо дуо!» – диэн улаханнык саҥарбыт. Онтон куттанан, куйахалара күүрэн, казактар оргууй охсоллор үһү.
Үйэтигэр биир ат, биир биэ эрэ кинини уйбуттар. Уоннааҕылар бары систэрэ булгуруйан иһэр эбит. Аты мииннэҕинэ, атаҕа тоҥуу хаарга тарылла иһэр буолара үһү.
Оноку Дьаарыны кытта сэриилэспит эбит. Ол манныктан буолбут. Арай биирдэ Оноку Дьаарыҥҥа, кинээһигэр, ыалдьыттыы барбыт. Ол олордоҕуна, Дьаарын киниэхэ биитин, Норгуону, үҥсэр: «Биигин буой. Маннааҕы уолаттар ууларын сэбин алдьатар, бэйэлэрин сынньыталыыр, тууларын уоран көрөр үһү», – диэн.