Үһүйээннэр, номохтор - страница 88

Шрифт
Интервал


Оноку ити кэнниттэн аҕатын уҥуоҕун ыырдан тахсыбыт уонна, Нымылах икки Ньурбачаан икки ардыларыгар толоон баар, ол ойоҕоһугар алаас сир баар, ол ортотугар булгунньахха оҥкучах хаһан, көмөн кэбиспит. Оҥкучах хаһыар дылы бэрэмэдэйдээх уҥуоҕун ачаахтаах тииккэ ыйаан турбут. Ол тиит билигин охто сытар. Охтубута уонча сыл буолла. Урут, мин уончалаах эрдэхпинэ, өкөйөн турар эбит этэ. Ачааҕа онно турара. Кэлин ачааҕа хайа барбыт этэ. Бу тиит туһунан миэхэ эһэм оҕонньор, Степанов Алексей, мин уончалаах уол эрдэхпинэ, 69 сыллааҕыта, кэпсээбитэ.

Бу сири, Сүлэ уҥуоҕа көмүллүбүтүн кэннэ, Мэҥэ, Чээнэр> 2 Мэҥэтэ диэн ааттыыллар. Былыр киһи уҥуоҕун тутабыт диэбэттэр, киһи мэҥэтин эргийэбит дииллэр. Уҥуох диэхтэрин харыстаан, ыарырҕаан этэллэрэ эбитэ дуу.

Кэпсээнньит тылы быһаарыыта:

> 1Өлөссүбүттэр – охсуспуттар, илиилэспиттэр.

> 2Чээнэр – Сүлэ оҕонньоро. Петр Иванов диэн. Ити сир кини ходуһата этэ.

УОҺА СУОХ УОҺАРАП

Быырта икки ойохтоох. Тус-туһунан дьиэлээн олорбут. Улахан ойоҕуттан икки уоллаах: Муҥур Илии Буолкап, Сантаҥа диэн. Оччугуй ойоҕуттан биир уоллаах – Уоһа Суох Уоһарап. Бу уол үөһэ уоһа сиирэҕэс эбит.

Былыр куһаҕан дии санаабыт оҕолорун, ыаҕаска уган, ыйаан кэбиһэллэр эбит. Ол курдук Уоһа Суоҕу ийэтэ: «Ыаҕаска уган кэбиһиэххэ», – диэбит.

Тас эмээхсин киирэн кэлбитигэр: «Эдьиэй, ити оҕону ыаҕаска уктарыахпын баҕарабын», – диэбит. Ону туран: «Аҕал эрэ, хотуй, ыаҕаска угар оҕоҕун», – диэн баран, оҕону ньилбэгэр ууран олорон, арыынан уҥунуохтаабыт уонна: «Лик курдук. Киһи ньилбэгэр биллэр. Хойут киһи төрдө буолсу. Ыаҕаска уктарыма», – диэбит.

БАСКАРДЫЫР УЙБААН

Баскардыыр Уйбаан кылгас киһи эбит. Үс ынахтаах ыалга аҥаардаан үлэлиир эбит. Үлэлиир киһитин аата Гоморов диэн. Гоморов баай киһитэ үһү. Бөтүрүөптэн хотуур ортотугар диэри аҥаарыгар 8 былас оту оттонон, кээһэн бүтэрэн кэбиһэр. Хотуур ортотуттан (атырдьах ыйын 19 күнэ билиҥҥи стилинэн) күһүҥҥү өттүгэр, дьэ, ардах да ардах бугул барыта ууга барбыт. Ону, дьэ, кээһэн, куурдан, маска-окко ыйаан, сүгэнэн кэрдэр кэриэтэ сүөһүлэригэр сиэтэн кыстаабыттар.

Күһүөрү кыһын, Бокуруоп саҕана (билиҥҥилиинэн алтынньы 14 күнүгэр), эмээхсин туран ыалга сорукка ыытар (урут ынахтарбытын туттуох диирин сөбүлээбэт эбит) уонна үс ынаҕын сүүскэ биэрэн кээһэр. Хаанын сүүрдээри сырыттаҕына ойоҕо тиийэн кэлэр. «Хайа, бу иирдиҥ дуо? Туох буолан сүөһүгүн кыдыйдыҥ?» – диир.