Ойууттары итэҕэйиминэ гынара дуу, соруйан гынара дуу? Биир ойуун: «Кугас сылгылаахтар бааллар», – дии-дии кыырбыт. Ону дэлби таһыйар: «Бу кугас сылгылаах кыыһын миэхэ ойох аҕал. Кырдьык баар буоллаҕына», – диэн.
Маныаха ойуун кугас сылгылаахха кыыран тахсар буоллаҕа. «Дьаарын кинээс уола Дьалаҕай Киилээн үрүҥ дууһабын тутан сиэри, хара хааммын тоҕоору гынна. Ол иһин тиийэн кэллим», – диэбит. Дьэ ону: «Ол саха урааҥхай миигин сөбүлүө дуо?» – диир. Ону дьэ: «Булгу ылабын диэн миигин үлтү сыста. Эн сөбүлүүр киһиҥ. Миигин абыраа. Өлөртөрүмэ», – диир.
Дьахтара туран этэр: «Эчи муҥун. Ыйбар тиийэн ыксаан олоробун, хат буолан ханайан олоробун. Онон оттон барыам эни, барыам эни», – дэтэр.
Онуоха били ойуун төттөрү эргийэн: «Түҥүр, ходоҕой иһэр. Тэһииннэ тутуҥ», – диэн төттөрү эргийэр.
Онуоха тахсан, таһырдьа көрбүттэрэ, ити Бордоҥҥо Ыылаах диэн сир баар (Дьалаҕай Киилээн олоҕо), онно тумул үтэн киирэр. Онно тэҥкэ харыйатын курдук, арыт уот буолан көстөр дьон барыҥнаспыттар. Онтон туран, дал аанын тыаһа аһыллар. Аан умса түһэттээбит.
Дьоннор онтон, абааһы умса түһэрэн аспыта диэн, ааннарын иттэннэри, кэдирги анньан аһар буолтар.
Онтон туран, дьиэ ортотугар ынах ханнын курдук хара кэҕэй> 1 бөкүнүҥнээбит. Дьэ, бу киһи туран, иттэннэри түһэн сытан дьиктиргээбит.
Былыргы киһи дьиэтин хаҥас өттүгэр хатырыгынан бүрүйэн хаппахчылаах орону оҥостор эбит. Онно арай дьахтар ынчыктаан дьиэрэһитэр, талыыта киирэн. Онтон туран, кыһыл оҕо ытаан марылыыр. Дьэ туран, били киһи ойуунун үнтү сынньан барар: «Аҕалтаабыт дьоҥҥун киэр гын!» – диэн.
Сынньыллыбыт ойуун көрдөһөр: «Сөбүлээбэтэ. Баран көрүөххүт буолуо», – диир.
Маныаха туран, били дьахтара этэр: «Эриэн ыт элэгэ, күөрт ыт күлүүтэ гыннаҕыҥ. Сүгүнүнэн араҕыам суоҕа. Атаҕым соболоҥун төлөөн араар», – диир.
Маныаха туран, били киһи, дьэ, тугун да биэриэн булбат. Арай били ойууннаах дьахтара этэллэр: «Сэттэлээх уол оҕоҕун биэрэр буоллаххына, сүгүнүнэн араҕабыт», – дииллэр. Ону сөбүлэһэр. Дьахтар барбыт. Сэттэлээх уол оҕо өлөн хоммут.
* * *
Бу ойуун аны үөһээ Хара Сылгылаахтар бааллар диэн кыырар эбит. Ону эмиэ үнтү сынньар: «Хара Сылгылаахтар бааллар диигин. Онтон отчуттарда түһэрэн кулу», – диэн.