Ньээҥкэ хамнаһа быыкаа, ол да иһин уһуннук тохтоон, олохтоохтук санаатын ууран үлэлиэн баҕалаах аҕыйах. Арай Аанчыкка табыгастаахха дылы. Ылар харчыта аһылыгар тып курдук тиийэр. Уопсайа босхо, күнүс үлэтигэр чэйдиир. Быстахха кэлбиттэр эн хайдахтаах да этиигэр-үөрэтиигэр кыһамматтар, аҕыйах кэмҥэ хамнастарын толуйдулар да, туох да иэһэ суох төттөрү ыстаналлар.
Ардыгар медик буолаары сылдьар устудьуоннары аҕалаллар. Олор хантан ньээҥкэ буолуохтарай, үрдүнэн-аннынан сууйан-тараан хайдах тутары-хабары билсэллэр эрэ, сүнньүнэн ыарыыны интэриэһиргиир буолан, сытар оҕоҕо ымманыйбаттар.
Оттон Аанчык үлэтин наһаа сөбүлүүр. Сороҕор, солбуһар ньээҥкэ кэллэҕинэ да, тардыллан, арыый иллэҥсийбиччэ, ыалдьар оҕолор хосторугар баран анаан бодьуустаһар идэлээх. Саха буоллун, нуучча буоллун, омук буоллун, наар сахалыы туһаайан саҥарар, кэпсэтэ сатыыр, ыллыыр, утуу-субуу барыларын көтөҕүтэлиир. Сытааччылар эрэйдээхтэр сороҕор кырдьык да билэр курдук туттаахтыыллар. Аанчык атаҕын тыаһын истээт, ах бараллар уонна кинилэргэ тиийэрин күүтэр курдук иһийэ түһээхтииллэр. Оччоҕо кыыс иккилии оҕону уйаларыттан ылан түөһүгэр ыга кууһан түннүккэ чугаһата аҕалар. Сырдык буоллун, хараҥа буоллун, туох да ситимэ суох аҥаар кырыытыттан иһирдьэни-таһырдьаны, киһини-сүөһүнү, ыты-куһу арааран кэпсээбитинэн барар…
Манна киириэҕиттэн иһигэр кистээн иитиэхтиир биир ыралаах. Хаһан эрэ кини үөрэнэн, идэлэнэн, хамнаһа үрдээтэҕинэ, туһунан дьиэлэниэ уонна булгуччу мантан биир эмэ эрэйдээҕи иитэ ылыаҕа. Ол оҕотун оннооҕор хайдах эрэ хараҕар көрөн ыларга дылы. Эмиэ да дьиибэтэ баар, кыыс хаһан эрэ кэргэн барыахтааҕын туһунан тоҕо санаабатаҕа буолла, ыал буоллаҕына бэйэтэ оҕолонуохтааҕын эмиэ учуоттаабатах дии.
Аанчык итинник арааһы эрийэн-буруйан, быстах-остох булкуйан-тэлкийэн уһуннук санаабытыттан илистэ быһыытыйда, оргууй үөһэ тыынна. Оо, санаа диэн түгэҕэ дириҥиэн, сыыйыллара түргэниэн! Уопсайыттан үлэтигэр диэри, омуннаатахха, баара-суоҕа икки хаамыы. Ол икки ардыгар санаата ырааҕынан да «айаннатан» оонньоколоон ыллаҕа үһү. Барыта иэйииттэн саҕаламмыта ээ. Ийэ буолар үөрүүттэн, кистэлэҥ дьолтон уонна… соҕотох буолбатах долгуйууттан. Ол иһин, хаһан эрэ ылыахтаах оҕотугар туһаайан оргууй аҕай: «Чыычаах, тохтуу түһүөхпүт, бастаан оҕолонуохпут, онтон эйигин син биир ылыахпыт», – диэн бэйэтэ эрэ истэрин курдук сибигинэйдэ.