Быһата олох хаамыытын
Доҕуһуоллаан толорор музыка.
Эрэнэбин сарсын тахсар күҥҥэ,
Эҕэрдэбин ыытабын урутаан,
Эрдэ утуйар буоллум,
Эрдэлээн сарсын тураары.
Сэбирдэх саһарда сорҕото,
От кытарда төбөтө,
Туруйа хаһыыта халлааҥҥа
Курус санааны сахта.
Ол да буоллар
Олус санааҕа түһүмэ,
Олох кэрэтэ-кэрэхсэлэ
Эйиэхэ элбэхтик тиксиэҕэ.
Саһарбыт сэбирдэх
Салгыҥҥа тэлээрэн
Санаам ситимэр
Санатта элбэҕи.
Тирии этэрбэс
Тирэччи тардынан,
Таҥас суумка
Туора сүгүллэн,
Ынах хомуйар
Ыллыкпыт устунан
Ырыа аргыстаах
Ытыллан испиппит.
Ол үтүө кэмтэн
Олус элбэх сэбирдэх
Оҕо сааспын санатан
Оройбор түстэҕэ.
Дөксө да түстүн,
Доҕотторбор эмиэ,
Дьоллоох оҕо саас
Дуораанын санатан.
Киэҥ сырдык түннүкпэр
Көстөр саһарбыт хатыҥчаан,
Күһүҥҥү хаҕыс тыалтан
Тэлибирии мөхсөр сэбирдэх.
Сэбирдэх саһарбыт кырдьан,
Үйэтэ туоллаҕа арааһа,
Тоҕо баҕас түргэнэй
Кини кылгас олоҕо.
Оттон хатыҥчаан умнаһа
Тыыннааҕын бэлиэтэ имигэс,
Тулуйар тыал охсуутун,
Тамнанар көмүс сэбирдэҕин.
Хатыҥчаан олоҕор
Аастаҕа биир сыл,
Сэбирдэх кылгас олоҕо
Баара суоҕа биир сайын.
Олох араастык бэриллэр
Олорон ааһарга бу сиргэ,
Кимиэхэ – сүүс сыл,
Сороххо – аҕыйах хонук.
Дьиэм аана тэлэллэн,
Тымныы салгын кутуллан,
Онно тэҥҥэ олорсон
Киирэн кэллэ сиэним уол.
Өрүү бэргэһэтин өрө аста,
Муннун аннын сотунна,
Дьиэ иһин эргиччи
Элэс гына көрүннэ.
Дорообо, быраһаай суох,
Туура тэптэ саппыкытын,
Уһулу биэрдэ сонун,
Элитэн кээстэ бэргэһэтин.
Дьэ, өй ылла бадахтаах:
«Эһээ, эбээ, дыраастый,
Таһырдьа тымныы, ыччакый,
Аһыам кэллэ, аччыкпын».
Эбээ остуол тула
Элэҥнээтэ ас тардан,
Эһээ таҥас хомуйан
Куурда уурда бэрийэн.
Үс саастаах сиэн уол
Кэтэһиилээх мааны ыалдьыт,
Дьиҥнээх сүрэх чопчута
Тиийэн кэллэ бураллан.
Хаһан этэй, доҕоттоор,
Саҥа сыа хаарга
Тарбахтарбытын саратан
Илии баттыыр күннэрбит?
Ол үтүө кэмнэрбит
Көттөхтөрө тумаҥҥа,
Оҕо сааһы санааммыт
Көнньүөрэбит астына.
Быйыл саҥа туһэр
Сыа хаарбыт намылыйан,
Тураат хайаан да,
Бэчээт ууруом ытыспынан.
Оҥорбут бэчээппин астына
Одуулуом уһуннук сыныйан,
Оҕо сааһым доҕотторун
Ахта саныам эргитэн.
Күһүҥҥү хахсаат тыал
Хастаан барда чараҥмын,
Ханна баарый бэҕэһээҥҥи
Көмүс солотуулаах чараҥым?
Саныыр санаам утаҕа
Сүөм түстэ өмүттэн,
Күһүҥҥү көстүүм барбыта