– Атастаар, мин бу күтүөт киһи хайа Аммаҕа баран иһэбиний? Слобода диэн Амма баар дуо? – Бэриэт хабаҕырбыт суоппардар таһырдьаны былдьаһар кэмнэригэр ыксаабыт куолаһынан ыйыппыта.
– Оо, дорогой, олох да атын хайысханы туппуккун. Пахай, сатамматаххын! Биһиги Ґіһээ Аммаҕа баран иһэбит ээ, – аллара ыстанан түспүт дьон ыстааннарын тимэҕин ситэ сүөрбэккэ, чэпчэтинэллэрин да умнан күлсэн тоҕо барбыттара.
– Ол Ґіһээ Аммабыт диэн хайа диэки баарый?!
– Эн хантан сылдьар, хантан кэлбит сахаҕыный? Слобода Амматын билбэт саха баар эбит дуу?! – күлэллэрин тохтотон улаханнык соһуйбуттара.
Тугу эрэ баллыгыраһа туран чэпчэтинэн, дьэ, уоскуйан сүбэ-ама тобула сатаабыттара.