Номох буолбут кэпсээннэр - страница 9

Шрифт
Интервал


Тойон иһиттиэм-истибэтиэм диэбиттии, бары ойууттарын дойдуларыгар кэһиилээн, бэлэхтээн-туһахтаан ыыталаабыт итиэннэ чугастааҕы ыалларга араас соругунан хамначчыттарын-чаҕардарын ыыталаабыт.

Өлүү түбэлтэлээх, биир хамначчыта сарсыарда эрдэ уутун быыһынан иһиттэҕинэ, дьиэлээх дьахтар саҥата, кэргэнин уһугуннаран өттүккэ анньыалыы:

– Оҕонньоор, тур, тур! Иэдээн буолбут. Ынахпыт икки тарбыйаҕы төрөөбүт, – диэн ботугураабыт.

– Аргыый, хоноһо истиэ, ол да иһин иһэ ынайан, синньэ улахана бэрт этэ. Ыл тахсан, киһи-сүөһү уһукта, кэлэ илигинэ, биирин дьон көрбөт гына балбааҕынан таптайан кэбиһиэххэ, кэлин ханна эрэ тиэйэн илдьэн кистэниллиэ, – диэн буолбут.

Дьиэлээхтэр аргыый, тыас-уус иһиллии, бэрт түргэнник хомунан балаҕаннарын биир эҥээригэр турар сүөһүлэригэр тиийэн, эр киһи биир ньирэйи мөҕүһүннэрбитинэн киирэр аанынан таһырдьа дьөгдьөрүйэн хаалар. Сотору соҕус мас көтөҕөн киирэн, үөрэн-көтөн уотун күөдьүтэн, эмээхсинигэр уоһах алаадьыта астыырыгар дьаһайан, хоноһотун малааһын аһын аһатар аатыран уһугуннарар. Хоноһолоро малааһын аһын аһаан баран, бу ынаҕы атыылаһыы туһунан кэпсэтиини ыытар уонна тойонугар төннөр.

Мааһа табыллыбыт тойон сүөһүнү атыылаһан ылар, ньирэй диэнинэн эмтэрбэккэ, уотан баран сайыҥҥы-күһүҥҥү түбүктэр бүппүттэрин кэннэ, дьэ идэһэ оҥостон, балайда биллэр сыалаах ойоҕоһуттан быһа оҕустаран били ойуунугар кэһии гынан ыытар. Ойуун кэһиини тутан баран, киэһэ күөстэнэн аһаары олорон, биир сааһын ситэ илик дуу эбэтэр төбөтүнэн мөлтөх дуу уолугар туһаайан этэр:

– Дьэ, нокоо, мин дьабыммар көтөр күнүм-дьылым үүннэ. Өскөтө мин өлбүтүм кэннэ, ким эмэ атаҕастаары гыннаҕына эбэтэр атаҕастаатаҕына, мин уҥуоҕум араҥаһын тахсан удьаа хамыйаҕынан таптайаар, оччоҕуна мин кэлиэҕим, – диир да, били ынах сыалаах этиттэн быһа элийэн ылан ыйыстан иһэн, сыата куолайыгар туора туран хаалар да, тыына хаайтаран, хараҕын үрүҥүнэн-харанан көрөн баран, иҥиир ситиитин тартараат, сууллан түһэн өлөн хаалар.

Улуу ойууну бары сиэри-туому тутуһан араҥастаан кэбиһэллэр, уол онуоха-маныаха диэри соҕотоҕун олорор. Онтон сотору сыарҕа хаара түһэр, ону кытта тэҥҥэ били тойон баар буола түһэр.

Ол кэлэн, аны бу сир-дойду миэнэ, бас билиим буолар, оккун-маскын барытын ылабын диэн туран, аттаах-оҕустаах дьонугар дьаһал биэрэн, көрөн туран кэбиһиилээх отун тиэйтэрэн, дьонун иннигэр түһэн айаннаабытынан барар.