Маҥнайгы бөлөх дүпсүннэр ордууларыгар чугаhаабытын кэннэ, айан суолун кытыытыгар олорор ыал таhыттан киhи тахсан, ыҥыырдаах ат үрдүгэр түhэн, тиэтэлинэн сүүрдүбүтүн көрдүлэр. Ол аата утарылаhар сибикилэрэ билиннэ. Көннөрү иhэллэр диэн этэ барда дуу?
Маҥнайгы бөлөх тиийбитигэр ордууга олох чугаhаппакка, кэпсэппэккэ даҕаны, оҕунан ытыалаан төттөрү кыйдаатылар. Онон табыллыбакка, ыалга төннөн, сүрүн күүстэрэ кэлэрин кэтэстилэр.
Бекетов этэрээтэ кэлэн, ыалга хонон, сынньанан баран, ордууга тиийэргэ быhаардылар. Дьиэҕэ баппакка сорохтор алаас уҥуор көстөр ыалга тиийэн хоннулар.
Дьиэлээхтэр этэллэринэн, ордууга элбэх киhи мустубут үhү. Атын сиртэн баатырдары эмиэ аҕалбыттар. Тула балбааҕынан эҥин бөҕөргөтүү оҥостуммуттар. Онон утарылаhарга санаммыт дьону сарсын тиийэн сэриилииргэ диэн быhаардылар.
Сарсыныгар туран, аhаан-сиэн баран, туох эрэ булка барар курдук оҥостон, ордууга бардылар. Тиийэн, тыа саҕатыгар тохтоон, аттарын тииккэ баайталаатылар.
Дүпсүннэр ордуулара диэн балаҕан, ол таhыгар эмиэ улахан хотонноох балаҕан, хоспох, сарай баар. Онон бүтэр. Ордууну тула балбааҕынан, мууhунан, чигди хаарынан, мас ураhаны көтүрэн эҥин буом-хахха оҥорбуттар.
Айан суолунан элбэх аттаах дьон кэлэн тохтообуттарын көрөн, олохтоохтор, көмүскэнэргэ бэлэмнэнэн, дьиэттэн сүүрэн тахсаллара көстөр. Саба түһээччилэр тэрэгэр сүгэлэрэ килбэҥниирин, тимир саалара хороҥнуурун көрөр буолуохтаахтар. Хаһаактар бойобуой сүгэлэрэ биилээх тэрэгэрин уhуна биир хаамыы. Тимирэ чараас буолан чэпчэки. Уhун мас уктаах. Кылгас батастаах дьону сууhарарга олус табыгастаах.
Нууччалар куйаҕынан хаххаланан, оҕунан ытыалыылларыгар кыhаммакка чугаhаан, тарҕана тэнийэн, буомҥа ыкса кэлэннэр, уhун уктаах сүгэлэрин, кылыстарын кылбаҥнаппытынан бардылар. Баатырдар батыйаларынан охсуhан көрдүлэр да, баhыйтараллара билиннэ. Онно-манна охтуталаатылар. Хаһаактар хары хапсыhыытыгар кыайа-хото туттулар. Хаhыылара да салытыннарда. Улахан сэриигэ охсуhа үөрэммэтэх баатырдар, хас да киhилэрэ охтубутун көрөн, дьиэҕэ куоттулар. Киирээт, ааннарын иhиттэн олуйан кэбистилэр.
Нууччалартан биир да киhи охтубата. Аҕыйах киhи бааhырбыт. Кинилэри ырбаахы курдук кэтиллэр иилэҕэс тимир куйахтара, щиттэрэ абырыыр. Буом иhигэр киирэн, икки дьиэни төгүрүйдүлэр.
Маҥнайгы дьиэ аанын тоҥсуйан көрдүлэр. Аспаттар. Онтон аан халҕанын сүгэнэн охсуолаан лүҥсүйэллэрин кытта, дьиэ иhигэр оҕо ытыыра, дьахтар сарылыыра иhилиннэ. Тирии бүрүөhүннээх хаптаhын халҕаны өр гымматылар, сотору тоҕута-хайыта охсуолаан аҥаттылар.