Үйэ кирбиитигэр - страница 4

Шрифт
Интервал


Кэлин түүрдэр иккис каганаттара эстибитин кэннэ, кыргыстар дьэ көҥүл бараннар, арҕаа диэки олорор айыы аймаҕар кэлэннэр сабыта түһүтэлээбиттэрэ. Ол иһин Аҥхара өрүс арҕаа өттүгэр олорбут аҕа ууһа дойдуларын хаалларан, тэскилээн улуу Байҕал илин өттүгэр көспүттэрэ. Ол диэки үксэ куйаар эҥээрдээх дойду буолан, хоту тыатыгар сыстан, урааҥхайдар диэн ааттанан олорбуттара. Оттон улуу Байҕал уонна Аҥхара өрүс икки ардыгар олорор аймах дьон, ханна да көспөккө, дойдуларыгар олорон хаалаллар. Кинилэр үтүөлэрэ кыргыс омук баайдарын ыччаттарын кытта хардарыта эр-ойох ылсан, уруурҕаһа, эйэни олохтуу сатыыллар.

Онтон өҥ-сут эҥээрдээх хас да үйэ ааспытын кэннэ, уон үһүс үйэҕэ, могуол омуктар модун холбоһугу тэринэн өрөгөйдөөбүттэрэ. Кинилэр эмиэ хонуу куйаар дойдулаах көс омуктар этилэр. Тимири уһаарарга, уһанарга идэтийбэт буоланнар, былыргы түүрдэр курдук тимир уустарын тыыппаттар этэ. Ол эрээри улахан сэрии дьалхаана урааҥхайдары эмиэ таарыйар. Ханнык эрэ могуол эдэр уолҕамчы хаанын аттаах сэриитэ 1217 сыллаахха хонуу куйаар эҥээрдээх аһаҕас сиргэ олорор урааҥхайдар ордууларын алдьаппыта. Байҕал илин өттүгэр олохсуйбут урааҥхайдар онтон тэмтэрийэн, хаһан эрэ былыргы өбүгэлэрэ эппиттэрин курдук, «бу дойдуга сүгүн олордуо суохтар» диэн, сүөһүлэрин үүрэн, хоту көһөллөр.

«Оннуттан уларыйбыт огдолуйар» диэн өс хоһооно этэринии, аны могуоллартан күрэнэн, ханна эрэ чуумпу дойду баар буолуохтаах диэн, Олоохуна өрүс сүнньүн тутуһан, хоту диэки айаннаабыттара. Аара тохтоон, икки сиргэ кыстаан бараннар, үһүс сайыннарыгар, улахан өрүс орто сүнньүн илин эҥээригэр кэлэллэр. Ханна даҕаны киһи-сүөһү олохсуйуон сөптөөх сири көрбөтөх дьон өрүс арҕаа эҥээригэр киэҥ-куоҥ үчүгэй сир баарын билбиттэр. Онно кыһамматах курдук өрүс илин эҥээригэр тохтоон кыстыыллар. Ол кэмҥэ өрүс арҕаа өттүнээҕи киэҥ сыһыыга сайын таба көлөлөөх тоҥ уустар кэлэллэр эбит. Ону сэргэ дьүкээбиллэр (юкагирдар) диэн балыксыт идэлээх дьон өрүс кытыытынан олорбуттар.

Урааҥхайдар кыстаан бараннар, саас хаар хараарыыта өрүс уҥуор туорууллар. Кинилэр куйахтаах, тимир сэптээх баатырдара таас үҥүүлээх, охтоох тоҥ уустары сэриилээн хотон, эргиллибэт гына үүрбүттэр. Онтон дьулайбыт дьүкээбиллэр, сэриилэспэккэ эрэ бары көһөн, Тумара үрэҕинэн хоту түспүттэр. Урааҥхайдар үчүгэй ходуһалаах, бултаах, балыктаах саҥа сири дойду оҥостон олохсуйаллар.