Үөрүүнү үксэтэр.
Хос ырыата.
Ёлкаҕа
Григорий Данилов тыллара Николай Бойлохов мелодията
Намылыйар лабааҕар
Киэргэл бэрдин эринэн,
Килбэчийэр киистэҕэр
Көмүс дуйу бүрүнэн,
Кырасыабай бэйэккэҥ
Кынтайаахтыы лаглайан,
Күндү алмаас өҥүнэн
Күлүмүрдүү тураҕын.
Эн тулаҕар оҕолор
Хоробуоттаан эргийэ,
Онтон эмиэ сороҕор
Yҥкүүлээн да битийэ,
Оһуокайдаан көтүһэн,
Ойон-тэбэн ылабыт.
Yүнэр сылы көрсүһэн,
Yөрэ-көтө сылдьабыт.
Саҥа дьыл
Мария Эверстова-Обутова тыллара Александр Дунаев мелодията
Саргылаах Саҥа дьыл
Салаллан кэллэ дии,
Киэргэллээх харыйа
Кэhиилээх эбит дии.
Күндү күөх харыйа
Көр-оонньуу аргыстаах,
Күндү күөх харыйа
Күлүмнэс айгырдаах.
Ёлкабыт симэҕэ,
Эчикиий, элбэҕиин!
Ыл, көрүҥ, мэкчиргэ
Иhиллиир быhыылаах.
Саhыллар, тииҥнэр,
Куобахтар, бөрөлөр,
Эhэлэр, тайахтар
Эйэлээх да буолтар.
Тымныы оҕонньор
Тырымнас сиэниниин
Сиэттиhэн киирдилэр,
Эҕэрдэ эттилэр.
Ылыҥ даа, оҕолоор,
Ылсыаҕыҥ илииттэн,
Көрүдьүөс оонньуута
Көҕүлээн иhиэҕиҥ.
Моруос кэллэ!
Пётр Тобуруокап тыллара Саргылана Константинова мелодията
Киммит ата тыбыырталыыр,
Ким сыарҕата сырылыыр,
Киммит хааман кыычырҕатар,
Киммит ааны тоҥсуйар?
Хос ырыата:
Моруос кэллэ, Моруос кэллэ,
Моруос ааны сэгэттэ.
Тымныы Моруос эһэккэбит,
Биһигиттэн эҕэрдэ!
Хайа хайдах айаннаатыҥ,
Хас сулуска сырыттыҥ,
Саҥа дьылбыт ханна баарый,
Хаарчаанабыт ханнаный?
Хос ырыата.
Саҥа дьыл
К. Еремеев тыллара уонна мелодията
Күөх харыйа тула
Көхтөөх оҕолор мустаммыт,
Куобах, саһыл, эһэ
Көрүн-нарын тутустахпыт.
Хос ырыата:
Уоттара тырымнас,
Оонньуурдара күлүмнэс
Саҥа дьылбыт харыйата, харыйата.
Үлэ-үөрэх туһунан
Бүгүн туойан дьиэрэттэхпит,
Үҥкүү-оонньуу бэрдин
Үөрэ-көтө эргийдэхпит.
Хос ырыата.
Үтүө үөрэх иһин
Үгүс ыччат хайҕаныахпыт,
Дед Мороз кэһиитин
Кыра дьонньор кэтэһиэхпит.
Хос ырыата.
Саҥа Дьылбыт кэлиитэ
Валерий Чиряев тыллара Григорий Новгородов мелодията
Саҥа дьылбыт кэлиитэ
Сүрдээх элбэх кэһиитэ:
Көҕөрөөхтүүр харыйа,
Көтөрө-харамайа.
Симэммитэ-киэргэммитэ
Сиэдэрэйкээн да этэ.
Манна баар: оҕус, ынах,
Массыына уонна куобах.
Килбэчиспит ойуулаах
Кэрэ-дьикти оонньуурдаах,
Эргэ дьылы атаара
Эһэ, бөрө да мустар.
Сордоҥ, собо, алыһар
Субу устан кылбаһар.
Сандаарыспыт лаампалар
Сырдыы, оонньуу тыкпыттар.
Саҥа дьыл
Капиталина Семёнова тыллара уонна мелодията
Элбэх, элбэх
Оонньуурдаах
Харыйабыт
Киэргэммит.
Хос ырыата:
Саҥа дьыл,
Саҥа дьыл,
Кэтэһиилээх
Саҥа дьыл!
Элбэх, элбэх
Кыыллардаах
Оонньуубут
Саҕаланна!