Тыа кэһиитэ - страница 3

Шрифт
Интервал


– Оо! Саарык улары аҕалан сытыарар, кэлиҥ маннаа-а! – диэн улахан баҕайытык саҥа аллайбытыгар, кыралар бары таһырдьаны былдьастылар. Оҕолор таһырдьа тахсан көрбүттэрэ, дьиэҕэ киирэр кирилиэс үктэлин иннигэр хара улар харааран сытар. Кини таһыгар Саарык оҕолор диэки көрбүтүнэн олорор. Тоо ыт таһыгар тиийэн, чохчойон олорон ытын төбөтүн имэрийэр, ытын хайгыыр саҥата иһиллэр. Акуу эдьиийинээн улары көрөн турдулар.

Улардара кып-кыһыл хаастаах, хара тумустаах улахан баҕайы төбөлөөх, сыҥааҕын анныгар бытыктаах, түүлээх атахтардаах, уһун кутуруктаах. Акуу сөмүйэтинэн түүтүн баттаан көрбүтэ, түүтэ сымнаҕас, онтон эр ылан сөмүйэтинэн улар түүтүн туора-маары суруйан көрдө.

Ити кэмҥэ ийэлэрэ Аачалыын тохтубут ас тобоҕун хомуйан баран: «Уларгытын дьиэҕэ киллэриҥ», – диэт хотонугар барда. Улахан киһи Тоо улары төбөтүттэн ылан өрө тарпыта, улар төбөтө уол санныгар дылы буолла. Онтон улары сытыаран баран, ортотуттан бобо харбаан өрө мадьыктаһан таһаарбытыгар, улар төбөтө, кутуруга сиргэ хааллылар. Акуу улар баһын харбаан ылла, Аача кутуругуттан тутан үөһэ кирилиэскэ таһаардылар. Дьиэ аана аһыллара ыарахан, ааны Тоо эрэ күүскэ тардыалаан аһар кыахтаах. Улары кирилиэс муостатыгар уурдулар. Аан тутааҕыттан тутан, хос-хос тардыалаан Тоо ааны аста. Улардарын эмиэ үһүө буолан көтөҕөн дьиэҕэ киллэрдилэр. Саарык, бултаах киһи буолан, оҕолор кэннилэриттэн дьиэҕэ кииристэ. Дьиэ аана балай эмэ аһаҕас туран баран, бэйэтэ син сабылынна. Муостаҕа сытар улары чинчийэн көрүүгэ Гай кыттыһан барда. Тоо улар тумсун атытан айаҕын иһин көрдөрдө, улар сытыы тыла көһүннэ. Улар айаҕын иһигэр Акуу сөмүйэтин уган улар тылын таарыйан көрдө, тыла хамсыыр эбит диэн быһаардылар. Киһи болҕомтотун тардар улар хараҕын хааһа буолла. Тарбахтарынан таарыйан көрбүттэрэ, кыһыл дьүһүннээх хааһа түүтэ суох, быдьыгынас тирии эбит. Хаас кэтитэ оҕо эрбэҕин саҕа. Аны сыҥааҕын аннынааҕы уһун түүтэ хойуу бытык курдук.

– Тоо, тоҕо улар хааһа кыһылый уонна бытыктааҕый?

– Элбэхтэ ытаабыт эбит.

– Тоҕо ытыыра буолуой?

– Топпоко ас көрдөөн.

– Тоҕо топпото буолуой?

– Сиир отоно хаар анныгар сытарыттан буолуо.

– Бытыктаах, уларбыт оҕонньор эбит.

Улар уһун кутуругун Тоо тэнитэн биэрбитигэр көрбүттэрэ, сарайан кэтит кутурук эбит. Кутурук аллараа өттө уһун түүлэрин төбөлөрүгэр үрүҥ төгүрүктэрдээхтэр. Атахтара – сырдык ньалаха түүлээхтэр. Тарбахтарын суона сүрдээх, өссө тыҥырахтаах эбиттэр.