– Кырынааспыт баарын ыт биллэ, – оҕолор кэрийэ сылдьан оһох аһаҕастарын көрө сатаатылар да, кырынааһы ким да көрбөтө. Аһаҕастар истэрэ хараҥа.
– Бары хосторго киирэн саҥата суох олорон кэтэһиэҕиІ. Ханан эмэ тахсаары быгыалыа, – аҕалара сүбэлээччи буолла уонна Гайдаах Аачаны сиэтэн хаҥас хоско киирдэ. Тоо күлүүкэтин туппутунан уҥа хоско киирэн, оһохтон тэйиччи муостаҕа олордо.
– Биһиги Саарыктыын үһүөбүт. Акуу, бэттэх кэл. Айдаарбакка олоруох, – остуол кэтэҕэр олорон Дьөгүөрүскэ сүбэлээтэ.
Акуу Саарык таһыгар кэлэн олордо. Дьиэ иһигэр уу чуумпу буолла, арай хос иһиттэн мурун сыҥсыйар тыаһа иһиллэр. Балай эмэ чуумпутук олордулар.
– Акуу, көр, көр, – Дьөгүөрүскэ сибигинэйэрин Акуу истэ оҕуста.
Хаҥас аһаҕаһы көрбүтэ, кырынаас аһаҕас иһиттэн кинини одуулуур эбит. Саарык кырынааһы көрөн, кутуругун хамсатан ылла. Кырынаас куттал баарын биллэ быһыылаах, төттөрү түһэн хаалла.
– Баар, баар! – хаһыытаабатынан ойон туран, Акуу аһаҕас иһин өҥөйөн көрдө.
Ити кэмҥэ хоско күлүүкэ муостаҕа охсуллар тыаһа иһилиннэ.
– Төттөрү түстэ, сыыһа охсон кэбистим, – Тоо саҥата иһилиннэ.
Хаҥас хоско кэтээн олорооччулар кырынаас аһаҕастан быган олорорун көрө оҕустулар. Оҕолор аҕаларынаан түгэх орон таһыгар муостаҕа олороллор. Кырынаас уҥа-хаҥас көрүөлээтэ уонна кэккэлэһэ орон анныгар ыстанна.
– Сүүрдэ, орон анныгар баар! – Аача хаһыытыы түстэ. Анараа хоско күлүүкэ тыаһа иһилиннэ. Уолаттар бэтэрээ хоско сырсан киирдилэр.
– Итиннэ киирдэ.
– Уу! Итиннэ куоска муоста анныгар киирэр аһаҕаһа баар дии.
Тоо хапсаҕай баҕайытык орон анныгар киирэн, куоска аллараа муоста анныгар киирэр аһаҕаһын көрөөччү буолла.
– Манан аллараа киирбит.
– Кырынаас аллараа тугу оҥороро буолуой?
– Оҕолортон, Саарыктан куоттум ээ диэн лаадыскалаан эрэрэ буолуо, – Дьөгүөрүскэ күлэ-күлэ эттэ.
– Итинтэн кырынаас тахсыа дуо?
– Ас көрдөөн тахсыа.
– Куобах этин сиир дуо?
Итинник күө бааччы кэпсэтэ-кэпсэтэ бары остуол таһыгар кэллилэр. Оҕолор сэргэхсийбит көрүҥнээхтэр. Ийэлэрэ хотонтон киирэн киэһээІІи аһылыгы бэлэмнии сырытта. Мантан киэһэ аһылыкка диэри кэпсээн кырынаас, араас кыыллар, көтөрдөр тустарынан буолла: кинилэр хайдах бултаан аһыыллара, сайын дьүһүннэрэ уларыйара, хайдах саІараллара, хаһан төрүүллэрэ, эһэ кыһыны быһа утуйара ахтылыннылар.