Эн баҕас! - страница 6

Шрифт
Интервал


– Борускуо, оҕо эрдэҕинээҕи таптал аатынан Боскуойалыын, биһиги иккиэн, колхуос ыанньыксыттарын оҕолоро буоламмыт, киһини билиэхпититтэн кыстык ферматыгар, сайылыкка, салҕыы интернакка бииргэ оонньоон улааппыт, үөскээбит, били этэргэ дылы, кырдьык бииргэ эрэ төрөөбөтөх дьоммут. Кини да, мин да сүрдээҕин тапсар, өйдөһөр этибит.

Онтон кини дьоно эрдэ өлөн, тулаайах уонна кыаммат буолан салҕыы үөрэммэтэҕэ. Дьиҥинэн, биһиги кылааска кини үөрэхпитигэр саамай бастыҥмыт этэ. Холкуоска үлэлии сылдьан сааһа ситэн эрдэ кэргэннэммитэ, биэстэ оҕоломмута эрээри, хомойуох иһин, биир да оҕото атаҕар турбатаҕа, кэргэнэ эмиэ өлбүтэ. Онтон ити ыаллыы нэһилиэк киһитэ Кыраһа Уйбаантан оҕолонон баран, эрдэ кэпсэтии быһыытынан, төрөөбүтэ уон хонуктаах оҕону түннүгүнэн күрэтэн биһиэхэ иитийиэххэ биэрбитэ. Онон Арамааскы – эн дьиҥнээх төрөппүт, эт-хаан ийэҥ, кийииппит Антонина – хотунуҥ, сиэннэрбит – эбэҕит Борускуо барахсан, дьэ бу сытар…

Оҕолорун, кэргэнин харайан баран, бу эһиги ууһуохтэнийиэх быаҕытыгар Боскуойа муҥнаах санаатын түһэрбэтэҕэ. Биирдэ миигин соҕотохтуу көрсөн баран, биһиги оҕоломмоппутун иһин бэйэтин бүччүм санаатын быктарбыта. Ол кэннэ кини Аана биһиккини Чоҥороҕо Өктөөп бырааһынньыгар ыалдьыттата ыҥырбыта уонна Кыраһа Уйбаантан ыарахан сылдьарын, ол оҕотун төрөөтө да биһиэхэ иитийиэххэ биэрэр санаалааҕын эппитэ.

Туоһум, кэргэним Аана бу турар. Онно тиийбиппитигэр Боскуойа остуолга олорон: «Аана, эн дьахтар быһыытынан миигин өйдүөҥ дии саныыбын. Арамаан биһикки эдэр эрдэхпитинэ бэйэ-бэйэбитин сөбүлэһэр этибит ээ. Биһиги тапталбыт сырдык уонна ыраас этэ. Кистээбэккэ эттэххэ, мин Арамааны билигин да сүрдээх истиҥник саныыбын. Ону эн баалаама, бырастыы гын. Оттон бу миэхэ оҕо турбатын, оҕо өлүүлээхпин, биэс оҕобуттан илии соттубуппун, эр аһыылаахпын эһиги билэҕит… Тыыннаахпар оспот, аһаҕас сүрэх баастаах киһи, бу оҕобун кыайан иитэр кыаҕым суох, сүтэрдэхпинэ тулуйбаппын билэбин!.. Оҕобун эһиэхэ эрэ итэҕэйэбин, ол иһин төрөөтүм да эһиэхэ биэрэбин… Оҕобун оҕо, киһи гыныҥ. Уол оҕо төрөөтөҕүнэ Арамаан бэйэҥ ааккын, кыыс оҕо буоллаҕына Аана ааккын биэрээриҥ… Оттон мин тыыннааҕым тухары хаһан да бу мин оҕом диэн баайсыам, тыл быһаҕаһа быктарыам, кимиэхэ да кэпсиэм суоҕа. Эһиги да кэлин оҕоҕутун оннук иитээриҥ. Оҕо абааһытын муннаран, абааһыттан күрэтэр былыргы сиэри-туому тутуһуохпут диэн арай көрдөһүүлээхпин. Мин оҕобун абааһы булбатын туһугар үйэм тухары кыһаллыам», – диэхтээбитэ уонна ол эппит кэриэс андаҕарын толорбута.