Тыын былдьаһыгар - страница 23

Шрифт
Интервал


Өлгөмнүк бултаабыт сылбар түүйдэ диэн куттаммытым, онно Бороҕон оҕонньор эппитэ: «Дьөгүөр, эн сиэри-туому тутуһан булка өр сыраластыҥ, онон түүйдэ диэн куттаныма. Ити эн Байанайга, тыа иччитигэр бэйэ киһитэ буолбутуҥ бэлиэтэ».

Син биир урукку чааркааннарбын, дэйбиирбин, мас лаппаакыбын, атаҕым таҥаһын, үтүлүкпүн илдьэ сылдьабын. Чааркааммын уруккум курдук ииттэрбин да, тоҕо эрэ ала-чуо ол сыл өлгөмнүк бултаабытым буолла. Баҕар, кырдьык, улуу киһи эппитин курдук «бу киһи элбэх сыратын-сылбатын биэрдэ» диэн кыратык дук гыналлара дуу?

Биирдэ Сэмэн кырдьаҕас этэн турар: «Дьөгүөр, аар тайҕа баһын тайанан, сылдьыбыт сирдэрбинэн бултаабытыҥ буоллар улаханнык бултуйуох эбиккин, ону куоракка хаайтаран сытаҕын».

Миэхэ бу улахан сыанабыл буолбута.

Кэлин буойуу-хааччах элбээн, киһи бултуох санаата кэлбэт буолла.

Тустууга эмиэ элбэх сыл утумнаахтык дьарыктаннахха кыайаҕын. Мин улуу тириэньэргэ Бөтүрүөбүскэ уон биэс сааспыттан саҕалаан биэс уон сааспар диэри эрчиллибитим. Сааһыран баран араас күрэхтэһиигэ кыттыбытым. Ол кэмҥэ туста сылдьар Саха сирин сэттэ муҥутуур кыайыылаахтарын охторбутум. Итини хайдах өйдүөххэ сөбүй, саастаах киһи эдэр, күөгэйэр күннэригэр сылдьар уолаттары охторорун? Бу киһи тустууга олус элбэх көлөһүнүн тохто диэн, эмиэ үөһээттэн көмөлөстөхтөрө. Онон сырам-сылбам сыаналаммыта, хапсаҕайга уонна көҥүл тустууга аатым ааттаммыта.

Биирдэ күрэхтэһиигэ, маҥнайгы түһүмэх кэннэ сынньана турдахпына, Бөтүрүөбүс эппитэ: «Үлэлээ, үлэлээ, туох барыта үлэттэн тахсар». Ити этиитин маҥнай соччо ахсарбатаҕым, хайдах тустан хоторбун этиэ дии санаабытым.

Кэнники, сааһыран баран өйдөөтөххө, кырдьык, туох барыта үлэттэн тахсар эбит. Улуу киһи ити эппитэ сырдык сулус буолан сыдьаайан, ситиһиигэ сирдиир.

Манан сирдэтэн эдэр дьоҥҥо этиэм этэ: сиэри-туому тутуһан бултааҥ-алтааҥ, үлэлээҥ-хамсааҥ, чөл олоҕу тутуһан уһуннук, дьаныардаахтык дьарыктаныҥ, күрэхтэһиҥ. Хаһан эрэ эһиги көлөһөҥҥүт тиллиэ, ааккыт ааттаныа, норуоккутугар туох эмэ туһалааҕы оҥоруоххут.

Иккис түһүмэх

Убайым Борокуопай кэпсээнэ

Хабараан

Ноху үрэх диэн Алдаҥҥа түһэр Нуотара үрэх салаата баар. Ол үрэх эҥээр булчутугар – Чиккэ Уйбааҥҥа бииргэ бултуур доҕотторо соҕурууттан ыт оҕотун аҕалбыттар. Ыттарын оҕото түөрт харахтаах, эриэн дьүһүннээх, бэйэтин сааһыгар улахан уҥуохтаах-арҕастаах бэртээхэй нуучча боруодата ыт эбит. Ону ардай аһыылаах адьырҕаттан куттаммакка, тэҥҥэ туруулаһарын туһугар Хабараан диэн ааттаабыттар. Кырдьаҕас булчуттар тутан-хабан баран, атаҕар кыанар буолсу диэн билгэлээбиттэр.