Уол оҕо уон түөрт сааһыгар диэри сатабыл, эт-сиин, күүс-күдэх, өй-санаа өттүнэн саастаахтарыттан хаалсыа суохтаах. Тугу даҕаны сатаабат, мөлтөх, унньу-санньы түспүт уолу оҕолор атаҕастыыллар. Уол оҕону аҕата кыра эрдэҕиттэн батыһыннара сылдьан сиэргэ-туомҥа, булт үгэстэригэр үөрэтиэхтээх. Ол сорох ыалга кыаллыбат. Хомойуох иһин аҥаардас ийэлэр бааллар, ыал аҕата да барыта булка, сиргэ-уокка сылдьыбат. Онон бу кинигэбин уол оҕо иитиитигэр көмөлөөх буоллун диэн суруйдум. Баҕар биир эмэ уол ааҕан баран, дьиҥнээх эр киһи буоллаҕына, кинигэм сыалын ситтэ дии саныам этэ.
Бу кинигэҕэ уонтан лаппа тахса булчут араас моһолу туораан, өлө-өлө тиллэн, мүччү-хаччы туттаран, эр санаалаах дьон буолан, өлөр өлүүттэн быыһаммыттара сурулунна. Аан дойду ааттаахтарын уонна тыа боростуой дьонун олоҕу көрүүлэрэ, сиэрдэрэ-майгылара, уол оҕо ыксаллаах, өлөр-тиллэр мөккүөрүгэр хайдах бэйэ бодотун тардынан, өлөр өлүүнү кытта туруулаһыахтааҕа ойууланна. Хаһан баҕарар атах анныттан алдьархай адаҕыйыан сөп, онно бэлэм буолуохтаахпыт. Кураанах куолутааҕар, тус мин санаабар, дьиҥ олохтон ылыллыбыт кэпсээннэр, оҕо сүрэҕэр-быарыгар, өйүгэр-санаатыгар тиийимтиэ буолаллар. Ыал аҕата эрэ барыта бултаабат, онон кинигэҕэ баар умсулҕаннаах кэпсээннэри ааҕан, уол оҕону көлдьүн, ээл-дээл быһыыттан, арыгыттан тэйитэн чөл олоххо сыһыардаҕына, саха дьоно дьолбут буолуо этэ.
Күндү ааҕааччы, сынньалаҥҥар умсулҕаннаах кэпсээннэри ааҕаргар сүбэлиибин, дьоллоох-соргулаах буол!