Билигин кыһын дойдубар дьыбардаах сарсыарда оһохтор буруоларын кэтээн көрөбүн да, эбэм оһоҕун буруотун курдук кэрэ, киһи сүрэҕиттэн-быарыттан сүппэт кэрэ көстүүнү көрө иликпин. Тоҕо оннуга эбитэ буолла? Оҕо барыны кэрэтитэн көрөрүттэн эбитэ дуу?
Биирдэ кыһын аҕам Тарааҥка өтөҕөр куобахха туһахтаа диэтэ. Тарааҥка өтөҕө диэн биһиги дьиэбититтэн көстөн турар тыаны этэллэр. Мин, бултуу барар киһи быһыытынан, айгыстыы бөҕө буоллум. Эбэм таҥаспын-саппын көрөн, тоҥмот гына таҥыннарда. Эбэм Ылдьаана уҥуоҕунан кыра эрээри, түргэн-тарҕан туттунуулаах, элбэх кэпсээннээх-ипсээннээх эмээхсин этэ. Кини эдэригэр Таатта улууһун Дьүлэй нэһилиэгиттэн сүктэн кэлбитэ үһү.
Мин өр гыныам дуо, көстөн турар сиргэ начаас ойон тиийдим. Куобах суола бөҕө, төттөрү-таары барбыттара-кэлбиттэрэ элбэх. (Тарааҥка өтөҕөр хайа да дьылга куобах баар буолааччы). Сөбүлүү көрбүт сирбэр туһахтарбын баайталаан истим. Син бодьуустаһан уонча туһаҕы ииттим. Күн аайы үлэбин-хамнаспын үмүрүтэн баран туһахпын көрө ыстанабын. Киэһэ утуйаары сытан хас куобах иҥнибитэ буолуой диэн толкуйдуубун, куобах туһахха иҥнэн олорорун төбөбөр оҥорон көрөбүн. Оннооҕор биир улахан да улахан муус маҥан куобах иҥнэн олорорун түһээн көрдүм. Дьэ хас да хонукка мэлийэн кураанаҕы куустум, маҥнайгы омунум-төлөнүм ааһан, санаам түһэн барда.
Аҕам биир күн барыста, туһахтарбын көрөн баран: «Маннык иитэн куобаҕы үйэҕэр ылыаҥ суоҕа», – диэн соһутта уонна туһахпын саҥалыы иитэн, көннөрөн биэрдэ. Сарсыныгар тиийбитим ойуур быыһыгар биир куобах хаары хаһар курдук мөхсөр. Мин маҥнай куобах хаары хаһан аһыы олорор диэх курдук санаатым, онтон өйдөөн-дьүүллээн, сыныйан көрбүтүм: туһахха иҥнэн мөхсөр эбит. Куобахпын туппутунан дьиэбэр көтөн түстүм. Эбэм олус үөрдэ, уотун аһатта, миигин алҕаата.
Ол кэмтэн ыла үйэ аҥаарын устата эбэм алгыһынан, аҕам сүбэтинэн сыл аайы туһахтыыбын. Куобах суох даҕаны дьылыгар Баай Байанай кыратык өлүүлээччи. Күһүҥҥү, кыһыҥҥы чэбдик салгыҥҥа көҥүл сүүрэ-көтө сылдьан бултууртан, сир-дойду кэрэтин көрөртөн ордук туох баар буолуой.
Үрдүк үөрэҕи бүтэрэн баран Горнай улууһугар Аһымаҕа учууталынан үлэлии сырыттым. Сандал саас эргийэн, саха эр дьонугар саамай күүтүүлээх – кус кэмэ тиийэн кэлбитэ. Мин уруокпун бүтэрэн баран, эбиэттэн киэһэ Чэкээ үрэҕин кэрийэбин. Саас эрдэ, күөлгэ уу тахса илигинэ, үрэххэ кус мустар. Үрэх кытыытыгар кыра ууга дурда туттубутум. Киэһэ дьиэм диэки төннөн иһэн, онно хонон ааһабын. Сарсыарда уруокпун биэрээт, күнүс кустуу ыстанабын. Оччолорго эдэрбин, бултуур баҕа баһаам.