Итии куйаас эккиҥҥэр иэнигитиэ диэн,
Этэр тылым эгэлгэтин этэн эрэбин.
Туҥуй бэйэлээхтэрбин
Суомах киһи буолуохтарыгар дылы
Суоһуралаах суоскар торолут диэммин
Суланыылаах суобаспын тобулан эрэбин.
Хаан чаҕааттарбын
Хара тыыннарын харыһый диэн
Хахсааттаабыт хахсааппын хаалларар буолаайаҕын,
Сиикэй куорсуннаах, сиидэрэс бэйэлээх
Симэһин хааннаах ньирэйдэрим тустарыгар
Силиктээбит силикпин сиргэ хаалларан,
Сиидэрэстиир буолаайаҕын.
Ороһу бэйэлээхтэрин
Уокайдаан турар буолуохтарыгар дылы
Уурайбат уһун уйгуну,
Быстыбат быдан быйаҥы,
Кэбэлльийбэт кэтит кэскили биэрэ тур.
Оноҕойдоох уһун тылбын оломноомо,
Кэлбэрийбэт кэтит кэскил тылбын кэһибэ.
Сайа көрөн олороммун
Табылыктаах чахчы дьыллыгы
Дьалкыйыаҕа диэммин тамалыйдым.
Оноҕой айыыттан оҥоһуулаах
Уһун уйгур тылбын
Оломнуо суоҕа диэн онолуйдум.
Сэттэ киһи үйэтин тоххору
Сириэдийдэр дьиэгэнийбэт,
Үтүөлээтэр өҕүллүбэт,
Кэбиэлээтэр кэбэлдьийбэт,
Баттаатар маталдьыйбат буолуо диэн,
Дьылҕа Хаантан тыыннааххыттан,
Айыы хаантан сагыаллааххыттан,
Абааһыттан аҥаардааххыттан
Үс киһи үйэтин тухары
Үтүөҕүттэн үлтүрүтүмэ диэн
Үөгүлээн сүгүрүйэн эрэбин.
Итэҕэһиҥ да туолбут курдук санааҥҥын,
Быһаҕаһыҥ да сиппит тэгил курдук санааҥҥын,
Кэлэҕэй кэмэлдьилээх,
Татыайы таҥнаах,
Былдьыры быһыылаах,
Солоҕой суобастаах курдук
Саныыр буолаайаҕын,
Кыыһар төлөн,
Кыыра бырдьай
Эһэм оҕонньор,
Чуо Хаараҕан.