Онтон ыла сүүрбэччэ сыл буолан баран, хоноһо эмиэ ол ыалга эргиллэн кэлбит. Ол сахха эр киһи, көнөн, байбыт-тайбыт. Ыаллар эмиэ кыахтаах дьон эбит. Ыалдьыт онно көрүөхтэн кэрэ сэбэрэлээх, үчүгэйкээн, чэгиэн эттээх-сииннээх кыыстаахтарын олус сөбүлээбит. Бу ыал кинини билбэтэхтэр, ыалдьыт да бу дьону билэттээбэтэх. Киһи кэрэ кыыстыын чугасаһыан олус баҕарбыт.
Киһи манна үс хас хоммут. Ол кэннэ дьиэлээхтэргэ арыгы туруорбут уонна ыал аҕа баһылыгар туһаайан эппит:
– Дьэ, оҕонньор, кыыскыт эргэ бара илик буоллаҕына, ыйытыахпын баҕарабын.
Oҕонньор хардарбыт:
– Ээ, оттон оҕо сөбүлүүрэ билиэ буоллаҕа дии.
Кыыстан ыйыппыттарыгар, кини сөбүлэспит. Бэргэһэлэммиттэр.
Киһи түүн хоонньоһо сытан, ойоҕун таптаан имэрийбит. Арай тараһатыгар ыччык-быччык баас онно баар. Онуоха киһи ыйыппыт:
– Доҕоор, бу хайдах баҕайыный? Таалыҥ онно дуу, тугуй?
Кыыс хоруйдаабыт:
– Урут, төрөөбүтүм үһүс хонугун кэннэ, биһиэхэ биир ыалдьыт хоммут. Ол хоноһо испин быһаҕынан хайа сотон барбыта үһү. Онно испин бу тикпиттэр, ол оспут суола.
Ону истэн, бу киһи олус соһуйбут, бэркэ дьиктиргээбит. «Оо, Одун Хаан оҥоһуута, Дьылҕа Хаан ыйааҕа диэн бу буолар эбит», – диэн иһигэр сөҕө санаабыт. Бу да гыннар, ойох гыммыта үһү. Ойоҕо дьахтар сүрдээх содур эбит. Ону эрэ, таҥара оҥоһуута буоллаҕа диэн, кэргэнигэр хаһан да кыыһырбатах, күнүүлээбэтэх үһү.
Онон, бөҕө оҥоһуулааҕы туох даҕаны кыайбат эбит. Киһи айылларыгар төлкөлөнөн, оҥоһуллан төрүүр, дьылҕаны уларытар кыаллыбат эбит диэн кэпсииллэрэ үһү.