Киһитэ аанын аһан бэрт. Тоҥсуур аайы уһуктубат тойооскуну аан нөҥүө үөҕэ сатаан баран дьиэлээтэ.
-15-
– Айыы-айа, эмиэ ынах ыан көрөрүм буолуо, – хотоно Момуойга хаатырга.
Тура-тура чөкөтөр, көҕүрээбэтэр ханнык диэн күн аайы кэтээн тахсар отун аттыгар тоҕо эрэ таалан турда. Тугу эрэ көрө сатыыр, сыыҥтыы-сыыҥтыы сытырҕалыыр.
– Бу от хайыы-сах сытыйан эрэр дуу, – онно кими буруйдуон мунааран куолутунан үөхсүбэтэ.
Бүтэн-оһон киирэн чэйдии олорон иһиттэҕинэ – ыта ыйылыыр-улуйар ыккардынан үрэргэ дылы.
– Дьаабал ыта хоргуйан иирэн эрэр дуу, хайдах дуу? Бытааһахтар оппун муодалаан эрэллэр дуу, бэйи эрэ, – улахан оттоох тойон киниэхэ холооно суохтук, сулбу ойон таҕыста. Ким да суох. Ото да ыһыллыбатах. Ыта буоллаҕына оту эргийэ сылдьан ыйылыыр, үөһэ диэки көрө-көрө улуйан ылар.
– Иирдиҥ дуу, дьоҕойон, итирдиҥ дуу? – аны хайа эрэ итирик хойуутун дэлбэрийбитэ буолуо диэн ытын сытырҕалаата. Барытын-бары чинчийдэ да туох да симиэн суох.
– Оччоҕо туох буоллуҥ? – аны ытым иирэн ол ”дьурхааныгар” сылдьыллыа диэн сэрэҕэдийэн күргүйдээтэ.
Ыта хоруйдаан бэрт. Мээнэнэн көрөр эрэ. Төбөтүн иһигэр тыал эрэ да иһиирдэр, иччим төбөтө миэнинээҕэр көҥдөй дуу диэн сэрэйдэ быһыылаах.