Уонна быыс сүтэрин тыыммакка маныыбын… - страница 6

Шрифт
Интервал


Олох кэрэ.


Тоска


Тыаллар түстүлэр.

Тыллар бүттүлэр

Түннүгүнэн көрүөхпүн –

Тохтообукка дылы тулам,

Тэлгэһэҕэ тахсыахпын –

Тэһийбэккэ иирэн хаалыам.


Тыаллар түстүлэр,

Тыастар сүттүлэр.

Тыал туохтан эрэ ытыырын

Таабырыннаатаҕа дуу,

Таах сылдьыахтааҕар ыллыырын

Таайыллыбатаҕа дуу?


Таспар тыаллар түстүлэр.

(Тоска!) Тыллар бүттүлэр…


Суол быстах түгэнэ


Эн биһи айаннаан испиппит –

Ааспыты хаалларан,

Буолбуту быраҕан.


Эн биһи билсибэт этибит –

Баара суол уһуна,

Уонна уол омуна.


Эйигин буруйдуох бэйэм дуу –

Санаабын таайбыккар,

Харахпын баайбыккар?


Бэйэбин буруйдуох бэйэм дуу-

Илиигин билбиппэр,

Сөбүлэҥ биэрбиппэр?


Күһүҥҥү хараҥа

Ол онно буруйдаах,

Биир түүҥҥү албыҥҥа

Киллэрбит буолуохтаах.


Айан диэн аргыстаах –

Кууспутуҥ туох буолуой?

Түгэн да араастаах –

Барытын ким ааҕыай?


Айаннаан иһэн


Сайыҥҥы өҥнөр

Иннибэр элэҥнииллэр,

Уйаҥҥа төннөр

Уһун суолбар сирдииллэр,

Уоспун уоскар тиэрдэллэр…


***


Эйиэхэ диэри

Сирэйдэр, оо, сирэйдэр!

Тиийиэхпэр диэри

Батыһыннара көрүү,

Сырыһыннара үөҕүү.


***


Чугастан күүтүөм

Атах тыаһын. Тоҥсууру.

Ыраахтан күүтүөм

Телефон уу чуумпуну

Үргүтэн айманарын.


***


Тыаллар түстүлэр

Барыны бутуйаары.

Тыллар бүттүлэр

Бу сөрүүнү сиппэккэ,

Бу кэрэни күүппэккэ.


***


Эйигин өйдүүр

Оронум сылааһыттан

Эйигин кыйдыыр

Күнүскүбэр күрэнним –

Эйигиттэн үөрэнним.


***


Аахайбат буолуу –

Ааспат-арахпат ардах.

Таптаабат буолуу –

Тылбар-өспөр өһүрүү,

Сүрэхпэр кистээн күүтүү…


Суохха командировка


Ханна да суох курдук этибит.

Түннүк нөҥүө – урусхалламмыт

Улуу куорат уулуссалара.


Хаһан да суох курдук этибит.

Эркин нөҥүө – элэстэммит

Үйэ кэмин тохтоллоро.


Халлааны хара буруо

Бүрүйбүтэ,

Санааны сиҥҥэ түһүү

Сирийбитэ.


Буолууну буруо эрэ

Баһыйбыта,

Үөрүүнү үрүө-тараа

Үрэйбитэ.


Ол ортотугар орто дойду

Олоҕун суолтата диэн тугун

Сүрэхпитинэн сэрэйбиппит.


Ол ыккардыгар орто дойду

Соргута онно ордубутун

Амсайан акаарытыйбыппыт.


Өйдүүгүн дуо ону, Суостаах Куорат

Соҕотох уолчаана,

Саныыгын дуо, Киҥнээх Куорат

Килбиэннээх уолана?


***


Эр киһи буолан төрөөбүтүм.

Хайа эрэ сэриигэ

Хаан өһөҕүттэн хараары,

Ханнык эрэ хонууга

Халлаанныын бииргэ хаалаары.


Эр киһи буолан төрөөбүтүм.

Сылтах эрэ туһугар

Сэймэктэнэн сытаары,

Тимир хоруоп иһигэр

Тиэллэн дьиэбэр кэлээри.


Эр киһи буолан төрөөбүтүм.

Эбэтэр өлүкпүн

Тааҥканан тэбистэрээри,

Сураҕа суох сүппүт диэн

Сурукка кубулуйаары.

2000 сыл.


***


Үөрүйэҕи үрэйэн

Үөмэр кэми иһиллиим,

Үйэлэри үтэйэн

Үөйбэтэхпэр үктэниим.


***