Биһиги Аан Дархаммыт - страница 72

Шрифт
Интервал


Дора Никитична

Дора Никитична чэй кутарын быыһыгар номоҕон көрүҥнээх хаһыат үлэһитэ дьахтарга саас-сааһынан сиһилии кэпсии олордо. Кини, сайаҕас майгылаах аламаҕай саха дьахтарын сиэринэн, туох да кэтэмэҕэйдээһинэ, кистэлэ суох сэһэнэ истээччини эрэ абылыах истиҥ, судургу, ис-киирбэх буолан суруналыыс бэркэ сэҥээрэн истэр.

– Аҕыс оҕо бары үрдүк үөрэхтээхпит. Ийэбит өҥөтө. Аҕабыт, былыргылыы түөрт кылаас үөрэхтээх киһи, потребобществоҕа бухгалтердыы олорон 52 сааһыгар, мин уон биирдээхпэр өлбүтэ. Өлүөн иннинэ ийэбитигэр: «Аныгы киһи баайа – үөрэх. Кытаатан оҕолоргун үөрэттэр», – диэн кэриэһин эппит. Ийэбит домохозяйка этэ, ол да буоллар, аҕабыт кэриэһин толорон, барыбытын үрдүк үөрэхтээн баран 79 сааһыгар күн сириттэн күрэммитэ. Аҕабыт суох буоларыгар кини сэттэ оҕолоох соҕотоҕун хаалбыта. Ахсыс оҕотун ыарахан этэ. Эбэм баар этэ оччолорго, сүөһүлээх буолан уонна ийэм учуутал балта көмөлөрүнэн дьон буолбуппут. Эбэбит бэйэтэ кыстыктаах, сайылыктаах, чэгиэн, хорсун эмээхсин этэ. 70-гар сылдьан оҕуһу миинэрэ, билиҥҥи кэм эбитэ буоллар, предприниматель бэрдэ буолуох эбит. Сайын ыһыахха оҕуһун көлүйэн сылабаарын тиэйэн баран, чэй өрөн, лэппиэскэ атыылаан хорчуопкалыыр этэ. 80-тан тахсан баран өлбүтэ. Уон алтата оҕоломмутуттан түөрдэ эрэ тыыннаах хаалбыта.

Убайым, улахан эдьиийим учууталлар, кыра эдьиийим радиоинженер, Екатеринбурга олорор. Мин ветврачпын, анныбынааҕы кыыс врач, биир бырааппыт химик, МГУ-ну бүтэрбитэ. Иккис бырааппыт геолог, Ленинградка үөрэммитэ. 1945 сыллаах төрүөх, экспедицияҕа сылдьан өлбүтэ 22 сыл буолла. Кыра балтыбыт строитель, Новосибирскайы бүтэрбитэ.

– Эн, Михаил Ефимовичтыын саастыы эрээри, үөрэххин кинитээҕэр урут бүтэрбит эбиккин дии? – суруналыыс, дьахтар киһи сиэринэн, интэриэстээх дьонун ис сыһыаннарын биллибэт быыһын сэгэтэ тардар кэриэтэ сэрэхэдийэ быһыылаахтык ыйыппытыгар Дора Никитична, сүр истиҥник күлэн кэбиһээт, көнөтүнэн улгумнук салгыы кэпсээн барда:

– Мин алталаахпыттан үөрэммитим. Инньэ гынан Ньурба оскуолатын уон алтабар бүтэрбитим. Үөрэххэ киирээри Дьокуускайтан Лена баһыгар диэри борохуотунан 19 күн устата куттал бөҕөнөн хаайыылаахтары кытта бииргэ айаннаатыбыт ээ.

– Оо, били амнистия саҕана буоллаҕа дии?

– Ким билэр, арыый эрдэ эбитэ дуу…

– Ээ, сөп. Били «Холодное лето 53-го» диэн киинэни буккуйбуппун.