Мин буллум төрөөбүт дойдубар.
Сырыттым иккиһин уол буолан,
Баһыыба мин дьоммор-сэргэбэр.
Дьэлликтии үөрэммит сүрэҕи
Бэл ииппит биһигэ тохтоппот:
Мин эмиэ миҥэбин миинэбин,
Мин эмиэ айаҥҥа турабын.
Иннигэр элбэхтэр тураллар
Дууһаҕын абылыыр санаалар,
Олох уон охсуулаах суолугар
Араастаан ыҥырар халлааннар.
Эн санньы долгуйа көрөҕүн
Кэннигэр хаалларар дойдугун,
Ол эрэн көппүччэ көтөҕүн,
Санааҕын ырыанан дуйдуугун…
Ол ырыа – эн дойдуҥ симэҕэ,
Кининэн эн дьолгун кэпсиигин.
Ол иһин хойукку эн сиэниҥ
Өйдүөҕэ ол ырыаҥ кэрэтин.
Өйдөөтүн. Олоорпут биһиги
Сарсыҥҥы дьол иһин охсуһа,
Өлөртөн, тиллэртэн кырдьыгы
Ордорон оҕолуур туһугар.