Оо, хомус, эн тугу туойаҕын?
Оҕо саас үөрүүтүн буолаарай
Эбэтэр ыраах баар алааскын?
Оҕо саас тэбэнэт иэйиитэ
Эмиэ күн суолларын арыйар,
Ол кэмҥэ угуйбут айыылар
Эмиэ дьэ иннибэр турдулар.
Ол сытар килэҥҥэ тэлээрбит
Хаҥкы диэн дьулусхан кынатым,
Ол сытар оҕобор оонньообут
Соҕотох мин үөрүүм – чаачар саам.
Ол кэмнээх санаалар, баҕалар!
Оо, оҕо саас бардам дьайыыта.
Оччоҕо ымсыылаах буолара
Этиҥнээх чаҕылҕан сырыыта.
Ол ааспыт. Ол үөрүү, ол дьулуур,
Бу хаҥкы, чаачар саа ардыгар
Үлэҕэ, үөрэххэ устубут
Атын суол, сэттэ сыл турдаҕа.
2
Доҕоттор. Оо, ханна баартарай
Көрүлээн улааппыт дьоннорум?
Оннугар уруйдуу турбута
Ол кэмҥэ ыллаабыт хатыҥым.
Хатыҥым кыратык кырдьыбыт:
Лабаалар тоһуттан түспүттэр.
Кэбис, ол эрээри көҕөрбүт:
Лабаалар нуоҕаһа турбуттар.
– Хатыҥыам, эн миигин өйдүүгүөн,
Мэниктээн симээбит уолчааҥҥын?
Туох-ханнык буурҕалар аастылар
Аастыйбыт эн төбөҥ үрдүнэн?
Хатыҥым, бокулуон уурардыы,
Солконон суугунуу хамсаата.
Күн, халлаан, айылҕа тылынан
Күн сирин дьиктитин ыллаата.
Бу хатыҥ төрдүгэр турбутум,
Бастакы тапталбын ыҥыра.
Бу хатыҥ төрдүгэр билбитим
Бастакы көрсүһүү ырыатын.
Ол үөрүүм ырыабар киирбэтэх,
Ырыата суох умнан кээспиппин.
Ол үөрүүм туһунан билигин
Биир тылтан үөрүөх да эбиппин.
Онтум суох. Атыннар сиппиттэр…
Оо, сиккиэр, хатыҥмын табаҥҥын,
Сир улуу тапталын туһугар
Ыллаарыый ол сайын туһунан.
3
Иччитэх ампаарым иһигэр
Мин дьоллоох түүл түһээн хоммутум:
Сүрэҕим бастакы ырыатын,
Бастакы тапталым чаҕылын.
Кыыс оҕо саһарчы көрбүтэ,
Өрүүлээх чачархай төбөтө,
Кулуһун курдук үөл бэйэтэ
Туохтан да, туохтан да кэрэтэ.
Сымнаҕас унаархай хараҕын,
Сыллыырдыы, мин диэки санньытан,
Ытыахча ытаабат куолаһа
Аймана, ааттаһа турбута:
– Оо, Сэмэн, барыма, манна хаал…
Манна хаал тапталым туһугар.
Умнубут дьолбутун булуохпут
Эмиэ дьэ хатыҥмыт анныгар.
Ол албын. Кини суох билигин:
Ол оҕо бэйэтэ оҕолоох…
Ырыаһыт, эн ситэр силигин,
Этэрим итинтэн ордук суох.
Дүрбүөннээх олоххо баар буолар
Дьылҕа уон элэктээх тойуга,
Сүрэхпит тапталын суолугар
Сүүс аптаах тумара туллуга.
Ардыгар кинилэр ыллыыллар
Сир дьикти тапталын туһунан,
Ардыгар умсары кырыыллар
Иккиһин мичиппэт муҥунан.
Бастакы тапталбыт ырыата,
Оо, син биир сүрэххэ хаалааччы,
Саппахтаах саарабыл кэмигэр
Эн үҥэр таҥараҥ буолааччы.
Сибэкки ньургуйар тойуга,
Сибэкки ыалдьыбыт ыарыыта
Төһөтүн да иһин хаалыаҕа,
Үрдүк күүс айыытын кэриэтэ.