Үһүйээннэр, номохтор - страница 63

Шрифт
Интервал


Көлөт Нөөрүктээйиттэн, Түүйэттэн хоту билигин Мөҥүрүөн диэн ааттанар. Чоочо үөскээбит сирэ былыр.

Ороссолуода Түмэти диэн ааттаах былыргыта, Торуой Тыыллыма диэн. Ити Ороссолуоданан тыаҕа тахсар. Ыраах тахсар. Түөрт көскө тиийэ тахсар. Хаатылыманан.

Николай Михайлович Сидоров (1922). Мэҥэ Хаҥалас, Өлөчөй. Хара ийэтин ууһа. 1989 с. суруйбутум.

ХАРА ИЙЭТИН УУҺА

Хара ийэтин ууһа. Хара нэһилиэгиттэн хара оҕустаах хара уол көһөн кэлбит манна. Ол кэлэн, олохсуйбут. Ол олохсуйбут сирэ Кыыл Аабыт. Уулаабыт диэн быһыылаах. Ону кылгаппыттар. Кыыл Аабыт – ити кыстыга. Сайын буоллаҕына, бу Өлөчөйгө сайылаабыттар. Кэлин.

Хара ийэтин ууһа түөрт араспаанньа үөскээбит: Сиидэрэптэр, Хабырыллайаптар, Ородьуйуонаптар, Стручковтар. Төрдүлэринэн дьадаҥы дьоннор. Холобура, бу мин эһэм Иһиччит Мааркап диэн үһү. Үйэтин тухары мас иһити оҥорор.

Биһиги төрүппүтүгэр Матаатай диэн киһи үөскүү сылдьыбыт. Аатырар охсооччу.

Алексей Андреевич Петров (1919). Мэҥэ улууһа, Бахсы нэһилиэгэ. 1982 с. Чурапчы Чыаппаратыгар суруйбутум.

ҮРҮҤ ОҔУСТААХ ОҔОННЬОР

Мэҥэ Хаҥаласка, Дойдуунускайга Дойду Бахсыта диэн баар. Улуу Арыы диэн. Ол арыыны Мэҥэҕэ биэрэн тураллар. Көһүү саҕана. Ол арыыны олохтоохтор, кырдьаҕас өттө, Бахсы Арыыта дииллэр. Диэх тустаахтар.

Ити Бахсы, Танда Бахсы уонна бу Орто Бахсы барыта биир эбит.

Былыр биир үрүҥ оҕустаах оҕонньор сири ааттаталаабыт үһү, кэрийэ сылдьан, диэн кэпсииллэр этэ. Биһиги оҕо эрдэхпитинэ. Баҕар, биһигини албыннаан этэллэрэ буолуо.

Биир сир хас да ааттаах буолар. Аата суох сир олох суох. Ханнык да дүөдэ-хаада, үрүйэ-харыйа ааттаах.

Прокопий Кириллович Соломонов. Арҕаа Хаҥалас улууһа, IV Малдьаҕар. 1991 с. кэпсэтэрбэр 77 саастааҕа.

МЭҤЭ ХАҤАЛАС ХАПТАҔАЙЫГАР

Кыргыспыт диэн төбүлэх баар. Ити төбүлэх үрдүгэр үс киһи харыйа маһы болуот оҥостон кэлэн баран, харгыга иҥнибиттэр диэн аатырар. Нэһилиэнньэ буолабыт диэн олохтоох хаптаҕайдары кытта кэпсэтэн көрбүттэр. Ону олохтоох хаптаҕайдар сөбүлээбэтэхтэр, сэриилээбиттэр. Холдьоҕон.

Ону Хабыкый диэн киһилэрэ, арыычча сытыы киһилээхтэр эбит, куоракка үҥсэ киирбит. Ол киирэн, кумаакы таһаарбыт. Сурук. Онон олохтоох дьон нэһилиэнньэ гыммыттар.

Торбос Харах, биир Куукуй диэн үһү. Хайдах эрэ дүлэй киһини Куукуй дииллэр дуу.

Торбос Хараҕы буоллаҕына Алаас диэҥҥэ олохтообуттар. Куукуй диэни Огдорооҥҥо олохтообуттар, Хабыкый диэни – Харыйалаахха. Онон олохсуйан хаалбыттар. Ол дьон хантан да кэлбиттэрэ биллибэт. Сахатынан сахалар эбит.