Онтон үс биэрэстэлээх Долборуктаахха тиийэн, түөрт дьиэнэн сайылаан олорор ыаллар алаастарын илин халдьаайытын үрдүгэр турар кэрэх тииккэ ыттан тахсан, олоро биэрдэ. Ыттар ол сайылык ыттарыныын холбоһон, бары моргуордаан, тула көтө сылдьан үр да үр буоллулар. Алаас дьоно ол хаһыы, ыт ньаргыара булкаастаах айдааны эрдэттэн истэннэр, эмиэ бары кэриэтэ тахсан одууластылар. Чочумча буолаат, били сүрэхтэрин-быардарын быллыгыраппыт, уйаларыгар ууну кута сыспыт баҕайылара ханна дьылыс гыммыта биллибэккэ, эмискэ суох буолан сүтэн хаалла. Ыттар да ах бардылар, хайдах эрэ куттара-сүрдэрэ баттаммыттыы туттан, иһиллэр-иһиллибэттик ыйылыы-ыйылыы дьиэлэрин буллулар.
Дьэ онтон доҕоор, ити эргин, бүтүн Таатта улууһун саба бүрүйэн, хара уоспа диэн дьулааннаах ыарыы өрө турбат дуо! Ол дьыл ити сатана саспыт кэрэхтээх алааһыгар сайылаабыт түөрт дьиэ дьонуттан үс ыал, биир да киһи ордубакка, бука бары имири сотуллаллар, суорума суолланаллар. Бары Слепцовтар этилэр. Илин халдьаайы анныгар турар дьиэлээх Кириил оҕонньордоох эрэ тыыннаах ордоллор.
Бүтүн улуус үрдүнэн ол амырыыннаах ыарыы, сут аһыҥата ходуһаны буоругар диэри салаан ааһарыныы, төһө киһи дууһатын илдьэ барбыта буолла…»
Маны кэпсээбит, хомсомуолтан саҕалаан партия уонна сэбиэскэй былаас оройуоннааҕы тойонуттан республика таһымыгар тиийэ дуоһунастаммыт, хомуньуус ааттааҕа киһи этэр: «Ол уоспаҕа сутуллубут чучунаалара диэннэрэ буолуохтаах. Бүкпүт алааһыгар ханна эрэ тыаҕа, ойуурга ыарыы сиэн оҕуннаҕа, сайыҥҥы куйааска сытыйдаҕа-ымыйдаҕа, эбэтэр суор-тураах, үөн-көйүүр, баҕар, ыт да аһылыга буолан хааллаҕа. Онтон сүдү сыстыганнаах, салааһыннаах уоспа курдук ыарыы турдаҕа, тарҕаннаҕа дии».
Этэр эттэҕинэ, эмиэ да оруннаахха дылы. Ол эрээри чучунаалара диэн тыыннаах харамайын дуу, кыыл барбыт киһитин дуу чопчу быһаара иликпит ээ. Оччотугар хайатын итэҕэйэбит? Аны ити кэпсээнньиппит өссө туох диирин истиэҕиҥ:
– Ити алааска эбэм биирдэ миэхэҕэ дьикти атах суолун көрдөрбүттээх. Ол кыыл дуу, илэ абааһы дуу киэнин. Кини киһи икки арда үстүү атар хаамыы холобурдааҕы үктээн ааһар эбит. Уллуҥаҕа батарыта баттаан хаалларбыт сиригэр сытыган эрбэһин үүнэн тахсыбыт. Ону батыһа көрдөххө, ыраахха диэри барбыт улахан бэйэлээх атах суола буолан субулла сыталлар. «Бу сайылык хабайар хаба ортотунан абааһы киирэн сүүрэн атаралаан ааспытын оспот-сүппэт, хаппат-куурбат бэлиэтэ. Ол оччотооҕу ыар үйэ туоһута буолан, уонунан сылларга тиийэн кэллэҕэ» диэн быһаарбыта эбэм эмээхсин.