Иччи. Сибиэн. Абааһы - страница 22

Шрифт
Интервал


Салгыы хас да сыллааҕыта, саҥардыы буутун этэ буһан, холун этэ хойдон эрдэҕинэ, ыһыах аҕай иннинэ эһэтэ Улуу Сыһыыга сиэнин Хабыычаны ыҥыран илдьибитин саныы истэ. Кырдьаҕас дьон-сэргэ көрбөтүгэр сиэнин боруобалыыр санаалааҕа. Остуол ньуурун курдук көбүс-көнө хонууга кэлэн, сэрэммиттии оргууй эргим-ургум көрбүтэ уонна: «Тукаам, кылыйан боруобаланан көр эрэ», – диэбитэ. Эргэ өрбөххө суулаан аҕалбыт туоһун түөртүү хаамыы мээрэйдээн уон икки туоһу ууран биэрбитэ. «Дьэ, тоойуом, хайдаххыный-туоххунуй? Бэйэҕин көрдөр эрэ! Былыр бэйэм эдэр-сэнэх эрдэхпинэ кистээн оонньообут туоһум», – диэт, мичээрдээбитэ.