Таптал уонна дьүккүөр - страница 2

Шрифт
Интервал


Былыта суох ыраас күҥҥэ, салгын сылыйа иһийэр кэмигэр, ыраах илин диэки Дьааҥы хайаларын очуостара бэрт чуолкайдык көстөөччү. Оччоҕо уһун кураан күннэр үүнээччилэр. Дьэ ити кэмҥэ эдэрдиин-эмэнниин, кыыстыын-уоллуун бука бары хомуллан, бас-көс дьон дьаһалынан от-мас үлэтэ күөстүү оргуйар. «Биир күн дьылы быһаарар!» диэн этии маннык былдьаһыктаах күннэргэ анаммыт буоллаҕа дии саныыгын.

Күн тахсыыта саһарҕа бастаан Быйаҥнаах эбэ киэҥ иэнигэр чаҕылла сыдьаайар, көмүс мөһүүрэ кыырпахтарын сөтүөлэтэр. Онтон тиэтэйэ-саарайа Барҕа арҕаа эҥээриттэн саҕалаан бэрт сотору дэриэбинэни сылаас угутунан сабардыыр. Былыта суох буоллаҕына, күн тахсыаҕыттан киириэр диэри бу түөлбэ иэниттэн арахсыбат. Онон бу хоту дойдуга күн сылааһын муҥура баар буоллаҕына, ол муҥурун илэ билэр дойду – бу Барҕа!

Быйаҥнаах эбэҕэ үс үрэх уутун кутар. Саас аайы күөл уута лаппа эбиллэр. Угут дьылларга уу Барҕа томторугар балтараа хаамыы курдугунан эрэ тиийээччитэ суох. Онон буоллаҕа, айылҕа анаан оҥорбут кырдала буолар. Ол туһунан араас номохтор да бааллар, олортон биирдэстэрэ маннык:

Былыргы дьыллар мындааларыгар, урукку кэмнэр уор-ҕаларыгар Быйаҥнаах эбэ биирдик мэндээрэр иэнин эрэ билинэн, онтон атын буолуоҕун санаан да көрбөккө, сири-сибиири барытын сабардаан, сороҕор олох чуумпуран, ардыгар аймана дьалкыйан, силлиэ-буурҕа аргыстанан, барҕа быйаҥыттан дьону-сэргэни өлүүлээн аһатан-сиэтэн сыппыта үһү. Үгүс эр бэртэрэ эбэ мөхсөр-тахсар кэм-нэрин аахсыбакка туран туруулаһан көрөллөрө үһү. Ол хапсыһыыга икки атахтаах баһыйтаран тыыннарын былдьаталлара, бүттүүн мэлийэн сүтэн хаалар түгэннэрэ үгүс эбит. Онон кэлин хайа да бэйэлээх эр бэрдэ ханнык да тыынан, оҥочонон эбэ дохсун санаата уһуктубут буоллаҕына, санаммат буолбуттар. Кини тулатынааҕы алаастара буомуран маардарга кубулуйан сир-дойду таһаата кутаҥнас буола күөгэлдьийэр туруга кэҥээн испит. Олохтоох баай сир-дойду мөлтүүр-ахсыыр кэмэ кэлээри гынна диэн аатырар ойуунун ыҥыран ылан барытын сиһилии быһаарбыт, хайдах кэм кэлиэҕин өйдөппүт, эстии-быстыы чугаһаан иһэрин санаппыт. Ол кэннэ эбэ намыһах сирин ыйан, үллэр сүүрүктээх, будулуйар бурууктаах Орто бараан дойдуну хаба ортотунан киэҥ таһаа киэлитин кэҥэтэ устар, элбэх үөстээх улуу кудулу өрүскэ тиийэн уутун кутар суолун тобулар ыллыгын оҥор диэн көрдөһөр курдук дьиппиэн, булгуччулаах сорудах биэрбит. Ити барыта дьонуҥ-сэргэҥ инники дьоллоох олоҕун суолун арыйыы буолуоҕа диэн сэрэппит.