Үйэ кирбиитигэр - страница 2

Шрифт
Интервал


Хонуу куйаарга олохсуйбут көс олохтоох омуктар мас мастаабаттар, от оттооботтор, дьиэ туппаттар, бурдугу ыспаттар. Чэпчэки иһиттэрин-хомуостарын, боолдьох дьиэлэрин тиэнэн, үгүс элбэх сүөһүлэрин кэнниттэн көһө сылдьаллар. Хаппыт талаҕы, сүөһү киитин уматан күөстэнэллэр. Кыылы, сэрии дьонун курдук элбэх киһи мунньустан, күрэтэн, күөйэн-хаайан бултууллар.

Туос иллэҥ буолан тэһийбэт, күөгэйэр күннэригэр сылдьар эдэр уолҕамчы дьон хайа эмэ аҕа баһылык сэриини тэрийэр буоллаҕына, киниэхэ үөрүүнэн холбоһоллор. Эбэтэр хантан эрэ атын урдустар кэлэн саба түстэхтэринэ, оҕолорун, ойохторун, бар дьоннорун, сүөһүлэрин-астарын көмүскээри, өргөс тутар кыахтаах эр дьон бары туруналлар. Бэйэлэрэ көмүскэммэт буоллахтарына, кинилэри ким даҕаны көмүскээбэт. Ол сэриигэ кимнээх эрэ кыайан-хотон өрөгөйдүүллэр. Сүөһүнү, кулуту үүрэн, баайы-дуолу былдьаан бараллар. Оттон кимнээх эрэ хотторон өлөллөр-сүтэллэр, ыһыллаллар. Эбэтэр эстэ сыһан баран, өрүһүнэн, эмиэ элбээн бараллар. Саҥа ыччат дьон үөскээн, атахтарыгар туран истэхтэрин аайы, урукку эрэй умнуллар, үөрэх буолбат. Хата, кимнээх эрэ килбиэннээх сырыылара күүркэтиллэн, кэрэ кэпсээн буолан, эдэр дьону эмиэ мүччүргэннээх сырыыларга угуйар, ыра санааларын оонньотор.

Оттон уһун кэмҥэ туох да араллаана суох олорор буоллахтарына, онно өр кэмнээх өҥ дьыллар эҥээрдэстэхтэринэ, киһи-сүөһү элбиир, кыаҕырар. Ол хайдах өйдөөх-санаалаах, майгылаах дьон баһылыылларыттан, төһө улахан холбоһук тэриллэн, киэҥ сири сабардаан олороруттан улахан тутулуктаах. Быдан былыр хууннар диэн модун холбоһук тэриллэн, Гоби кумах куйаарыттан Илин Сибиир тайҕатыгар тиийэ, сүрдээх киэҥ нэлэмэн сири бас билэн, хас да үйэ устатыгар «биһиги аҕай дуо?» диэн күннээн-күөнэхтээн олорбуттара. Кытайдар, кинилэр аттаах сэриилэриттэн көмүскэнээри, сүүһүнэн көс усталаах таас күүлэ күрүөнү, кириэппэс истиэнэни тутарга күһэллибиттэрэ. Ол олордохторуна, уһун кэмнээх алдьархайдаах кураан сут буолан, күөллэр, үрэхтэр уулара оҥойо уолан, куйаар кураанахсыйбыта. 155 сыллаахха хотугу хууннар өҥ сири көрдөөн, арҕаа көһүүлэрэ саҕаламмыта. Урал хайаларыгар Волга өрүс кытылыгар тиийэн, икки сүүс сыл кэриҥэ олорон, онно олохтоох финно-угордары кытта булкуспуттара.

Онтон төрдүс үйэ сэттэ уонус сылларыттан саҕалаан, хууннар аны арҕаа диэки көһөн барбыттара. Европаҕа кинилэри гууннар диэн ааттаабыттара. Гууннар төрдүс үйэ бүтүүтүгэр Сирияҕа, Каппадокияҕа, бэһис үйэ маҥнайгы аҥаарыгар номоххо киирбит улуу полководец Аттила баһылыктаах Европаҕа тоҕо ааҥнаан киирбиттэрэ. Европеецтар холбоһуктаах күүстэрэ кинилэри Испания сиригэр Каталонияҕа көрсөн, ынырыктаах кыргыһыы буолбута. Кэлин гууннар Европаҕа хаалан, тарҕанан, аттаах сэриилэрэ атын государстволарга сулууспалаан, хас да үйэ устатыгар иҥэн-сүтэн суох буолбуттара. Европа сиригэр онно-манна бытарыйан хаалбыт, түҥ былыргыттан силис тардар тэҥэри диэн таҥараларын умнубакка олорбут тобохторун, орто үйэтээҕи инквизиция суута атын итэҕэллээхтэр диэн урусхаллаан симэлиппитэ. Оттон соҕурууҥҥу хууннар дойдуларыгар хаалан, уһун сукка быста мөлтөөбүттэрэ. Кэлин өстөөхтөрүгэр – кытайдарга, динлиннэргэ, сяньбиларга улам кыайтаран, олох эстибиттэрэ.