– Нокоо, бар, тахсан ыалга эт. Биирдэстэрэ эмэ киирэн биһиэхэ доҕор буоллуннар. Бу бэһиэччик сүгүн утутуо суох, быһыыта.
Инньэ диэбитигэр, уола хап-сабар таҥнан, ыалыгар таҕыста. Ньуучча сэрэйдэ быһыылаах, тоҕо дьиэлээх киһи уолун ыыппытын. Сүгэтин хат ылан, баһыгар уктан баран, уҥа ороҥҥо тиэрэ түһэн сытта. Сотору соҕус таһыттан икки саха киирэн кэллилэр.
– Били күтүр өстөөх манна хоно сытар эбит дии, – диэтэ биирдэстэрэ.
Онуоха дьиэлээх киһи эттэ:
– Хайа үөдэн ньууччата дьөлү ыстанан кэллэ буолла? Таҥарабытын да сүгүн ылларбата. Бу түүн кинини кэтээн, утуйуохпут суох, быһыыта. Хайа абааһы ньууччата булла буолла? Эһиги биирдэскит манна доҕор буолан хонустаххытына сөп буолсу.
– Ээ, хонумуна. Иккиэн хонуохпут буоллаҕа. Бу ньуучча мааҕыан биһиэхэ киирбитин, Сэмэн оҕо батан таһаарбыта. Ол манна кэлбит эбит дии, – диэтэ биир саха.
– Күтүр өстөөҕү батан таһаарыаҕы эмиэ сүрэ бэт. Баҕар, тоҥон өлөн хаалыа, – диэтэ дьиэлээх киһи.
– Соҕотох ньуучча тугу гыннаҕай? – диэтэ биирдэстэрэ, – хата, биһиги бу түүн хааттылаатахпыт дии. Тукаам, хааттыгын аҕал эрэ.
Дьиэлээх уол биир холуода эргэ баҕайы хааттыны сэбиргэнэттэн ылан биэрдэ. Ону ылан, били икки киһи, уот иннигэр олорон, бырыылаабытынан бардылар. Дьиэлээх тойон кэтэҕэриин ороҥҥо утуйда. Сотору соҕус буолан баран, ньуучча муннун тыаһа баччыгынаан барда.
– Ээ, сордоох утуйда ээ. Сылайбыт буоллаҕа, киниэхэ да суол ээ, Кыһыҥҥы Ньукуолун саҕана ыалтан холдьоҕуллара. Бэһиэччикпин диэ дуо, син тоҥор эттээх-хааннаах буоллаҕа, – дэстилэр хааттыһыттар.
Түүн үөһүн саҕана ньуучча, туран, таһырдьа тахса сырытта. Ол кэннэ уот иннигэр аргынньахтаан олорон, табаах тарта. Табаах тардан баран, сонун саптан, иккиһин утуйда.
Сассыарда дьиэлээхтэр эрдэ турдулар. Ыал сахалар туран дьиэлэригэр таҕыстылар. Ньууччаларыгар арыылаах лэппиэскэлээх чэйи иһэттилэр.
Тымныыттан дьулайан, дьиэ иһэ сырдык буолуор диэри ньуучча барбакка олордо. Онуоха дьиэлээх киһи, кэтэһэ сатаан баран, кыыһыран эттэ:
– Ньуучча, иди куорат, а то талкай нада.
– Нет, еще рано… – диэн кэбистэ ньуучча.
Күн ойбутун кэннэ, ньуучча сүгэлээх хаппарын иилинэн баран, тахсан барда. Тымныы сонун аһаҕаһынан хайыы-үйэҕэ билиннэ. Түргэн соҕустук хааман, ньуучча айанныы турда.
Дьиэлээхтэр, дьэ уоскуйан, ньууччаларын умнан, күннээҕи үлэлэрин үлэлээбитинэн бардылар.