Кытылга кыыс ытыыра - страница 8

Шрифт
Интервал


Дмитрийиҥ. 16.03.

* * *

Ахтар, саныыр доҕорбор, Иннабар, аныыбын.

Доҕорбор
Доҕорбор, эйиэхэ, анааммын,
Дорҕоонноох тыллары этэбин.
Эн кэрэ мөссүөҥҥүн хоһуйан,
Эйиэхэ тапталы билинэбин.
Сүрэхтэн бу тыллар тахсаллар
Долгуйар Дьокуускай куоракка,
Эйигин санааммын, доҕоруом,
Олус диэн долгуйдум мин бүгүн.
Бааргар эйигин аахайбат курдукпун,
Барбытыҥ кэнниттэн ахтабын эйигин.
Эйигин аймыахпын баҕарбат эрээри,
Дууһалыын, сүрэхтиин эйиэхэ эбиппин.
Баҕардар, эйигин умнуом дуу дэнэбин,
Онтукам букатын табыллыа суох курдук,
Тапталы билбэтэх эрдэһин буоламмын,
Эйиэхэ таптатан олус диэн долгуйдум.
Доҕоруом, эйиэхэ сүрэхпин, дууһабын аныыбын,
Эн биһи хайаан да бииргэ буолуохпут.
Дьоллоох олоҕу олоруохпут
Үйэлэр тухары, тапталыам.
Муус устар 16 күнэ. Дмитрийиҥ.
* * *

Тапталинабар аныыбын.

Таптал
Таптал – бу саамай кэрэ иэйии,
Тапталынан ким да оонньуо суохтаах,
Таптал баар бу сир үрдүгэр
Икки атаҕы киһи гыммыт.
Таптал туһугар тахсаллар ырыалар, хоһооннор,
Таптал туһугар киһи аймах айманар,
Таптал, эн олус да күүстээххин,
Таптал, эн олус да нарыҥҥын.
Тапталы киһи кыайан кэпсээбэт,
Таптаһар дьон иккиэн эрэ билэр сыһыаннара,
Оо, таптал, эн олус да суоскун,
Оо, таптал, эн олус да уйаҥҥын…
* * *

Инночкам, привет!

Улахан тапталга ылларбыппынан эҕэрдэлиэххин сөп. Олох иэдэйэн эрэбин. Эйигин эрэ саныыр буоллум. Тоҕо эрэ эн эппитиҥ барыта туолан иһэр, дьэ дьикти. Дьиэбэр звоннаабатаҕым ыраатта, куттал да улахан, кутуйах иинин кэҥэтии бөҕө. Оннооҕор түүн түһээн көрөбүн, чэ ол ахтарым бэрт буолан буолуо или эн саныыгын быһыылаах. Дальше эйигинэ суох хайдах сылдьарбын өйүм хоппот. Мин эйиэхэ хайдах махтаныахпын билбэппин. Эн дьоллоох хараххын көрөр саҕа үчүгэй миэхэ суох… Мин санаам модун. Барҕа махтал эйиэхэ, күҥҥэ көстүбүт күндү доҕорбор. Эн баар буолаҥҥын, мин олоххо күүскэ тардыһабын. Эйиэхэ, күндүттэн күндү киһибэр, туох баар үчүгэйи, кэрэни, доруобуйаны, дьолу-соргуну баҕарабын.

Алгыс
Ахтабын эйигин, доҕоруом,
Ханна да, хаһан да буолларбын.
Эрэллээх доҕорбор, эйиэхэ,
Истиэнэ кэриэтэ эрэниэм.
Орто дойдубут олоҕор
Олоруох биһиги дьоллоохтук.
Ытаһан-соҥоһон бүтүөхпүт,
Ырыалаах-тойуктаах сылдьыахпыт.
Доҕорбор, эйиэхэ, аныыбын
Алгыһым ананар тылларын,
Кымыстаах чороону көтөҕүөм
Кыынньаахтыыр дьолбут туһугар.
Барҕа махтал буолуохтун
Эйиэхэҕэ, доҕорбор, эрэллээх киһибэр,
Элбэх махтал тылларын
Этиэм эйиэхэ, доҕорбор.