Өбүгэлэрбит өркөн өйдөөх буолан бу дойдуга олохсуйан олордохторо. Булт тэрилин айан, ону туһанан, бултаан-алтаан тыыннаах ортохторо. Холобур, айаны оҥоруу, тыатааҕы сохсотун охсуу, хандааны туруоруу төһөлөөх мындыр өйтөн тахсара буолуой. Саха былыргы булчуттара аар айылҕаҕа уһаарыллан-хатарыллан, куоһанан, сындалыйбат сындааһыннаах буолаллар. Кинилэр удьуордара – тустууктарбыт аан дойду улахан көбүөрдэриттэн кыайыы көтөллөнөн сири-сиксигинэн эргийэн кэлэллэр.
Арай сарсыарда уһуктубутум: оһох тигинэччи оттуллубут, харбыыл истиэнэ быыһынан сулустар көстүбэттэр, халлаан суһуктуйан эрэр. Куоракка курдук буолбатах. Наһаа чэбдигирэн уһугуннум. Үөрэ-көтө ойон туран, курданарбар дылы сыгынньахтанан, хаарынан сууннум-тараанным.
Ити күн өрөөн, маспытын бэлэмнээтибит. Эргэ үүтээн буолан, хаппыт мас биэрэстэ ыраах үрэх куулатыгар ордубут. Ону булан охторон, сороҕун таһан, быһа холоон биир ыйга тиийэр гына, бысталаан кэбистибит. Үлэни бүтэрэн киэһэ аһыы олордубут. Мин балаҕан баҕанатыгар өйөнөн, наара ороҥҥо олорон, куруускаттан итии чэйи сыпсырыйан иһэбин. Бүөтүр миэхэ көхсүнэн олорон остуолга аһыыр.
Ол олордохпуна, эмискэ, төһө да аан аһыллыбатар, «киирдилэр» диэн сэрэйэ санаатым. Сүрэҕим эмискэ күүскэ тэптэ, кулгааҕым чуҥкунаата, мэйиим эргийдэ. Кыайан хамсаабат турукка киирдим. Бүөтүр тугу эрэ кэпсиир, ону өйдөөн истэр кыаҕым суох, саҥата ханна эрэ ыраах иһиллэр. Кыахпын былдьатан, далбааран, хамсалаах табах быстыҥа даҥ курдук олорбутум кэннэ «таҕыстылар» дии санаатым. Дьэ онтон уоскуйан туос амабар түстүм. Киэһэ үүтүн тохпут оҕолуу уку-сакы сырыттым. Оннооҕор доҕордоох киһи кыаҕын ылар буоллахтарына, бүтүн биир ыйы быһа билбэт сирбэр хайдах соҕотоҕун олоробун диэн санаа төбөбөр эриллэн киирдэ.
Киэһэ хойут, утуйаары сытан, сүөм түспүппүн көрөн киһим сүбэлээтэ: «Үүтээҥҥэ соҕотоҕун хоноргуттан дьаарханар буоллаххына, күнү быһа үлтү сылайыах-хар диэри тыаҕа хаамп, киэһэ хойут кэлэн үлэҕин-хамнаскын бүтэрэн баран, тугу да санаабакка утуйан хаал. Бу дойдуга тугу эмэ сыыһа-халты туттан холдьоҕулуннаххына, түүн туран куотума, тоҥон өлүөҥ, халлаан сырдыыта айаннаар. Киһи эрэ буолларгын сэрэнэн сырыт, илиигин-атаххын дэҥнээтэххинэ ким да өрүһүйбэт, мин биир ыйынан кэлиэхпэр диэри суолуҥ сойуо, буларым да саарбах. Бу дойду сөбүлээбэтэҕинэ тута биллэрэр».