– Букатын тот курдукпун, – дьиэтигэр киирэн аһыы олорон.
Аһыыр оттон тотор ини.
Тахсан ат баһа хамсатын соппойбохтоот:
– Аат сүөһүтүгэр оттон тахсыллара буолуо. Б… саатар уолан да хаалбат. Yүт иһэн үллүөх суох, – букатын сиҥнэн эрэр хотонун диэки аа-дьуо хаамта.
Ыаҕайатын тоҥонохтоммут буола-буола. Бары-барыта ынахтанан – бэйэтин үчүгэй аҕайдык мөҥүттэн биэриэххэ баара. Хаһан ыар, ынаҕын үүрүөр диэри күн ыраатта. Оттоох күрүөҕэ киирэн өр букунайда.
– Оту эмиэ ыһан кэбиспиттэр. Били ыт буолуо, бука. Дьэ, бэйикэй уус, – ытыгар саанарын ухханыгар маҕыйа-маҕыйа атырдьаҕынан отугар түстэ.
– Киирбэт, киирбэт, дьаат ото, – хаһа-хаһа атырдьаҕынан батары анньа сатаата.
Нэһиилэ киллэрэн бүтүн бугул оту окко холбоото.
– Эчи, ыараабытын, инчэҕэйэ бэрт буо, дь… Айуу-айа, хара сарсыардаттан от айдаана. Мин оту сиирбэр дылы, – эмиэ мөҥүттэ-мөҥүттэ куолутунан олбуорун диэки аа-дьуо айаннаата.
-8-
Эн итинник буоллаххына мин манныкпын диэбиккэ дылы, Момуойга холоонноох манна үгүс. Момуой төһө да мөҥүтүннэр, тылын дьаатынан баппатар, син сүрэх дуомнаах. Онто тэбэ түстэҕинэ тыллыргаатар даҕаны дьиэ ис-тас үлэтин толорор. Сыраан Бүөккэ баар улуу сүрэҕэ суох диэн. Сытан тахсар. Итиннэ сытар, онно сытар, нэһиилэ оронон олоппоско олорон көрөр, түннүк аттыгар турдаҕа буолан туругура түһэр. Итинтиҥ да сааһа ыраатан эрэр. Ойох, оҕо кэлииһи дуо – ханнааҕы сүрэҕинэн. Сытыганныырын да сүрэҕэлдьиир сурахтаах. Сытар да сылаалаах буоллаҕа. Утуйартан ордук киниэхэ суох. Букатын утуйарын улуу дьолго холуо этэ. Ону баара өлөрүҥ да манан дьыала буолбатах. Ханнааҕы сүрэҕинэн өлө оонньуой? Сыраанын да сотторун улахан сах гынар – ол иһин ааттыын Сыраан.
Момуойга холоонноох үгүс. Момуойга утары эмиэ баар. Бөппүрүөк Момуойу бүөлэтээри, бэлиэ бэссимииһи най ыытымаары таҥара аатырбыт аптымыыһы эмиэ айбыт. Сэргэх Сэргэй бу сиргэ сэргээбэтэ диэн суох. Бары-барыта бэрт, бэлиэ, сонун. Туох барыта туһалаах. Халлааны хайдаҕын да иһин хайҕыыр, хайа баҕарар киһини халлааҥҥа тиийэ арбыыр. Санаатын туох да бэйэлээхтэн түһэрбэт. Бэл, эмээхсинэ өлбүтүгэр: «Эрэйдээҕим, оттон сынньанан абыранаахтыыр инигин», – диэн мүөттээх тылынан тыыннааҕар сөп буолбут кэргэнин тиһэҕэр кытары онтунан хадаҕалыы сатаабыт. Оҥоһуллан хаалбыт олохпут эн аптымыыскыттан-бэссимиискиттэн кыраам да уларыйбатаҕа ини.