Эргиччи эрэй - страница 17

Шрифт
Интервал


Саҥа дайбаан иһэн чэй өрө тахсар. Мас көстөн быстыыһы дуу, көһүннэҕинэ да инчэҕэй, уу буоллаҕына сытыйбыт – айа да айа. Чэйэ кэм да аа-дьуо оргуйар. Элбэҕэ да бэрт – бүтүн солуурга өрүнэр. Сири аһатар, уокка ас кээһэр кэлииһи дуо, бэйэттэн ордорон. Ыта эрэммэтэр да ээр-сэмээр иччитин маныыр. Киһитэ киниэхэ көхсүнэн буолан олорон аһаан лабыйар. Тот бэйэтэ эбии тотор. Итиччэ симнибит киһи хайаан үлэлиэй. Ас иҥиэхтээх, сыта түһүллүөхтээх. Уонна дьэ киэһэ тугу лахсыйыан өйүгэр сааһылыыр. Онтун ыас гынан ыстыы сытан утуйан хаалар. Кини уһуктуор диэри күн арҕаалаата. Иччитин оннугар ыта долгуччу үүммүт от быыһынан бэркэ сүрэҕирэн сүүрэкэлээтэ. Киһитин хотуурун суолун салгыы орох оҥоро сатаата.

Отой да утуйардыы утуйуоҕун тыал түһэн оту-маһы аймаан уһугуннарда. Момуой үөхсүбүтүнэн ойон турда. Хантан эрэ эмискэ баар буолан хаалбыт холорук охсубут отун өрө ытыйан таһааран эрэр эбит. Момуойуҥ холоругу кытары хокуосканан киирсэр киһи буолла. Онтун быыһыгар мэлииппэлииргэ дылы, эмиэ да маатыралаан субурутар:

– Уочча наас, Иза өссө… Б..! Дь..! Бар, киэр буол! Наа немеси…

Холорук кэлэйбиттии кэхтэн хаалла, атын сир диэки халбарыйан биэрдэ.

– Уу хара накаас! Абам да эбит, оппун сөрөөн илдьэ барда дуу, хайа сах дуу? Дь.., бу ыт онно эбии-сабыы буолан оту үлтү тэпсэн кэбиспит. Дьэ, бэйикэй уус, эйиэхэ саахтаан эбэн бэрт, – ытыгар туттар саамай улахан накаастабыла ити.

Хайдаҕын да иһин от үлэтин «дьурхаана» саҕаланнаҕа. Yөхсэрэ үөхсэр, иһигэр үөрэр. Окко киирии сүпсүлгэнэ, отуу чэйин дыргыл сыта, ыһык алаадьытын минньигэһэ. Бу кэми кэтэһиинэн эрэ олорор курдуккун.

Саха сахата өтөн Момуойуҥ да иһигэр үөрэр быһыылаах – барбах киҥинэйэн киһиҥ өссө ыллыыр. Кумаар дыыгынааһына, күлүмэн саҥата, Момуой ырыата сайыҥҥы дьикти мөлүөдьүйэ буолан иһилиннэ. Хонноҕо аһыллан киһибит син үлэлээмэхтээтэ. Күн киэһэрдэ. Дьиэҕэ барыы «дьурхаана» бу кэллэ.

Сайын Халдьаайыга үчүгэй даҕаны.


-13-


Күн буоллар киирдин, дьон баҕар утуйдун – Сандал таһыгар сабараанньа. Бэҕэһээҥҥилэртэн бары кэриэтэ бааллар. Бааттаах кэм да быраканьыардыы сырыттаҕа. Уонна Мэнээктэрэ сол да суох.

– Бу от саҕана аны киһи көрдөөһүнүн дьурхаана буолуо, – Момуой саҥарыахха эрэ диэн саҥарар.

Халдьаайыга ким ханна сылдьара, тугу гыммыта тута биллээччи. Ол иһин бэҕэһээ бииргэ арыгыласпыт киһилэрэ ууга тааһы бырахпыт курдук сүппүтүттэн дьиксиннилэр.