Дьэ, мин сатыы сылдьа үөрүйэх киһи быһыытынан, ыллым да айан суолун батыһа, дойдум диэки түһүнэн кэбистим. Дэриэбинэни тахсаат, барыахтаах суолбуттан туора суолунан баран истэхпинэ, арай оҕолор саҥалара иһиллэр. Мин сүрдээҕин үөрдүм уонна батыһарга сананным. Ситэн ылан, аргыстаһыах курдук кылам санаа өйбөр охсуллан ааста.
Ол курдук оҕолорум саҥалара иннибэр барар уонна ким да баара көстүбэт. Мин отой санаабын түһэрбэппин, батыһан иһэбин. Аргыстаһыахтаах оҕолорум ситтэрбэттэр да ситтэрбэттэр, саҥалара буоллар бу күйгүөрэн олорор.
Оннук сырсан балай эмэ уһуннук хаамтым да, отой сиппэппин, дэриэбинэм да кэллэр кэлбэт. Ол тухары бу муннум диэн санаа өйгө да суох. Кэнникинэн суолум олох да билбэт алаастарбынан киирэн бара турда. Оҕолор саҥалара буоллар иннибэр баран иһэн, тэйдэр-тэйэн симэлийэн хаалла. Халлааным аны туран киэһэрэн барда. Боруҥуй буолла.
Дьэ, ыксааммын иннибин-кэннибин көрүнэн, иһиллээн киирэн бардым. Арай өйдөөн-дьүүллээн истибитим: туора ханна эрэ тыраахтар тыаһыыр, ону истэн бирээмэ салыбырыахпар диэри үөрдүм. Маллаах чымыдааммын туппутунан ол тыас диэки харбыаластым. Үрдүк баҕайы сыыр үрдүгэр, үүнэн турар мастар быыстарынан тахсан, өҥөйөн көөртүм: аллара отчуттар ньамалаһа, үөрэ-көтө оттуу сылдьаллар эбит.
Үөһэттэн олох сүүрэн түстүм. Дьонум миигин көрөн, сүрдээҕин соһуйдулар. Борук-сорукка көрдөхтөрүнэ, арай сыыр үрдүнээҕи тыа быыһыттан туох эрэ, сүр баҕайы бырдааттанан ахан, түһэн иһэр үһү. Бастаан куттана санаабыттар. Онтон өйдөөн көрбүттэрэ, чымыдаан тутуурдаах кыыс оҕо буолан хаалбыт. «Хайдах маннык чиэски сиргэ кэлэн хааллыҥ?» – диэн ыйыталаһыы бөҕө буоллулар. Мин: «Оҕолор саҥаларын батыһан, быһалыы суолунан кэлэн иһэн, мунан хааллым», – диэн туох баарынан кэпсээн биэрээччи буоллум. Хайыахтарай, оттоон бүтэн баран, сүбэнэн, биир тыраахтардаах киһилэригэр миигин олордон, дэриэбинэҕэ киллэрэн биэрдилэр.
Оччоттон баччаҕа диэри, онно миигин туох сирдээн, угуйан илдьибитин отой кыайан быһаарбаппын. Сэрэйдэххэ, сир-дойду иччитэ, эрэкэ-дьэрэкэ оҕолор, аргыстаспыт буолуохтарын сөп курдук. Хата, салгыы баран муммакка, дьону булан тахсыбыппар дьылҕабар махтанабын. Өскөтүн ол оччуттарга тиийбэтэҕим буоллар, ханна-ханна тиийиэм эбитэ буолла – айбыт таҥара эрэ билэн эрдэҕэ. Олоххо дьэ оннук дьиктилэр, биирдиилээн да буоллар, сии-дьүгээр көстөн-биллэн ааһаллар эбит.