– Хайыыбыт? – диэн атаһым сибигинэйэн ыйытта.
– Таалабытыгар төннүөх, – диибин.
Тоҕо эрэ били дьахтары Таалаҕа төннөн баарын-суоҕун бэрэбиэркэлиэх санаа көтөн түстэ. Эмиэ сүүрэр-хаамар икки ардынан өкдөкөчүһэн, сыһыыбытыгар аҕыйахта атыллаан тиийдибит. Бастаан тиийэн төннүбүт сирбитигэр кэлээппитин кытта, дьахтарбыт иннибитигэр бу сайбайан эрэрэ көстө биэрдэ. Эмиэ чиккэриҥнэһэ түстүбүт. Уолум саатын хаба тардан ылан дьахтары туһулуох курдук тутунна.
– Кэбис, ытыма, киһини дэҥниэҥ, – диибин.
– Киһи буолбатах. Сааны эһэн сатаатар куттуохха.
– Кэбис, кэбис, сырыттын. Тоҕо эрэ биһигини кустатыан баҕарбат эбит. Дьиэлиэх.
Ол турдахпытына, дьахтарбыт эргиллэн көрдө. Сирэйин-хараҕын өйдөөн көрөр диэн суох. Хамаанданы истибит курдук, дэриэбинэ диэки ойуурунан быһа ыстанныбыт.
Дьиэлэри көрөн эрэ баран, биирдэ уоскуйдубут. Арай биир ыал таһыгар, били дьахтарбыт курдук, былаатын самыытыгар тиийэ саба түһэринэн бааммыт бэркэ билэр түөтэбит биһигини күүтэн турар эбит. Уҥуоҕа арҕаһа үкчүтэ сүр.
– Хайа, нохолор, сүөһү көрдүгүт дуо? – диэн ыйытта.
– Суох, – диэт, сулбу ааһа турдубут.
Бадаҕа кини күлүгэ салгыҥҥа олорон хаалбытын көрдөхпүт буолуо диэн билигин тойоннуубун. Ити сыл ол дьахтар эмискэ ыалдьан өлөн хаалаахтаабыт сурахтааҕа. Сөп түбэһиспитэ дьикти. Айылҕа ити биир таабырынын таайар киһи баар эрэ, суох эрэ.
Таабырынап