Эргиччи эрэй - страница 11

Шрифт
Интервал


Ити кэннэ Yүлүйэ дьиэтигэр киирэ сырытта. Уота баран хаалбыт. Били, эрэйинэн холботторбут уота. Барардыы бардаҕа. Ол да иһин Бороскуой ааһан иһэр мас атах аайы аатын алдьаттарбат эмээхсин буолуохтаах этэ.

Тахсыбыта – айдаан бөҕөтө. Мэнээк Микиитэ сирэйэ-хараҕа турбута сүр. Момуойу чуут охсо сыста. Төбө төкүнүйэн хаалбыттыы көстүбэт буолла. Онтон үлүбүөй дайбаһыы саҕаланна. Тиҥиргэтиһэн ыраатыахтарын, куһаҕан Евсиков туура барыларын тэлгэтэлээн кэбистэ. Киниэхэ холоотоххо биһиги дьоммут тииҥ курдук буоллахтара. Момуой дьиэтигэр куотан киирбит эбит – саах тэллэйэ түннүгүнэн көстөр. Кыайбыт-хоппут Акулов сэлээппэ диэки туһаайан сутуругун көрдөрдө уонна биирдэ-иккитэ үктэтэлээн боруҥуй иһигэр киирэн сүтэн хаалла.

Сити кэмҥэ тыалырда. Баарыҥҥы дуу этиҥи иитэр былыттар эмиэ эргиллэн кэллилэр. Мас-от суугунас буола түстэ. Yүлүйэ дьиэтигэр куотта. Сонно тута тыал өссө күүһүрдэ, тыас сүрдэннэ. Халлаан биирдэ чаҕылыс гыммытыгар Момуой сэлээппэтин омооно түннүгүнэн көстөн ылла. Ардах, дьэ, курулаппат дуо. Тэлгэнэн сыппыт дьон тиллэ охсон үрүө-тараа тарҕастылар. Өтөр бэттэх көрбөтөх дохсун самыыра буолла. Муора чугаһыгар арай маннык этэ. Айылҕаҕа туох эрэ кэһиллибит быһыылаах.

Ардах хайдах саҕаламмытын курдук эмискэ аһынна. Yүлүйэ, дьэ, утуйардыы тэринэн эрэн, түннүк диэки өссө биирдэ кылап гыммыта – кини олбуорунан тирэхтэнэн хайалара эрэ ааһан эрэр. Сүүрэн тиийэн көрөөччү буолбута – баарыҥҥы оҕонньор эбит. Эрэйдээх үүрүллүбүт быһыылаах. Yчүгэй куотааһын эбит – кус сыгынньах, мас атаҕын күндү мал курдук түөһүгэр сыһыары туппут. Па да па! Бу сааты-сууту алҕас көрөн кэбиһэн иэдэйдэҕин.


-6-


Эдэр оҕолор туох буолуохтарай – дөйө түһэн баран, сииги сиик диэбэккэ уулуссаны мээрэйдээн мэнээк хаама сырыттылар. Уонна холуочук да соҕустар. Ардах кэнниттэн бырдах хойдубут. Балай үөннэр Дьаллай бэлэм айаҕар чоп гына түһэллэр. Онтун ыйыстан иһэр, харан суолу быһа сөтөллөртөн ордубат. Кумааҕы буоллаҕына куолута бүппэт.

– Тэлэбииһэр көрөн да диэн. Сайын барыта повтор. Сонуннарга барыта биир. Хаһан эмит терракт оҕото буолар. Террористарыҥ да сайын сынньаналлар.

– Арай манна туох эрэ буоллун, ээ? Мочиловка эҥин? – Дьаллай бэрди ыраланан эрэрдии дьэ сэгэйдэ.

– Ээ, хантан. Доо, били Күтэр Киргиэлэй окко дьону наймылаһар үһү дии. Иһэ-бата сатаан онно оту-маһы сирэйдэнэн сылдьыахха буоллаҕа дии. Харчыга кэпсэтиэххэ. Арыгылааһын бүгүҥҥүнэн эрэ бүппэт, – Кумааҕы Куоста дьаһахтаах муҥутаан.